Өлүөхүмэ улууһугар ууга былдьаммыт нэһилиэктэр бүгүҥҥү туруктара хайдаҕый?

Share

Өлүөнэ өрүскэ муус харыыта тахсан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр уу таһыма үрдээн, Өлүөхүмэ улууһун хас даҕаны нэһилиэгэ ууга былдьанна. Уу таһыма олоччу түһэ илик. Бүгүҥҥү балаһыанньа хайдаҕый?

Кыыллаах нэһилиэгин баһылыга Александр Макаров иһитиннэрбитинэн, билиҥҥитэ (күнүс 4 ч. чахчынан) уу кутталлаах таһымҥа диэри түһэн турарын, Кыыллаах — Даппарай икки ардынан муус устубакка сытарын, Кыыллаах – 2 Нөөрүктээйи икки ардыгар (1 Нөөрүктээйигэ диэри) олоччу муус халҕаһалыы анньан турарын эттэ.

Хаартыска: видеоттан скрин.
Хаартыска: видеоттан скрин.

“Бүгүн сарсыарда 8 чаастан нэһилиэк иһигэр сылдьарга эрэйдээх сирдэринэн генератордарга анаан ГСМ тириэрдибиппит, сыыйа чөлүгэр түһэрии үлэтин саҕалаатыбыт.

ЫБММ бөртөлүөтэ кэлэн аһылык, ГСМ, гаас баллоннары аҕалла. Даппарайтан Кыыллаахха диэри биир эриэйсэ оҥорон дьоммут-сэргэбит ас-таҥас, ГСМ ыыппыттарын тириэртэ.

Билиҥҥитэ төһө дьиэ ууга барбытын чопчу ааҕа иликпит. Тоҕо диэтэххэ, күн бүгүн сорох дьиэлэргэ кыайан тиийэр кыахпыт да суох.

Кыыллаах нэһилиэгин олохтоохторо уруккуттан сааскы халаан диэн тугун билэллэр. Дьон эрдэттэн бэлэмнэнэллэр, туох ирдэнэрин барытын хаһааналлар. Уубут олус түргэнник, көрүөх бэтэрээ өттүгэр кэлэн бастакы уочарат туһаныллар маллар (гаас оһох, баллон) ууга устан хааллылар. ЫБММ, улуус салалтата, полиция кэмигэр көмө оҥороллор, сибээстэһэ турабыт” – диэн иһитиннэрдэ.

Кыыллаах арҕаа өттүнэн, мыраан анныгар турар аттынааҕы II Нөөрүктээйи нэһилиэгэ ууга барбыт диэни урут соччо-бачча истибэт этим. Бүгүҥҥү балаһыанньаны билсээри салгыы нэһилиэк баһылыгын Михаил Терентьевы кытта сибээстэһэ сырыттым. Кини уу таһымын түһүүтэ бытаарбытын этэр.

Хаартыска: Терентьев М.А. тиксэриитэ.

“Мин өйдүүрбүнэн 2013, 2011, 2000 сылларга  эмэ бу курдук таһымнаах уу кэлбитэ. Мыраан аннынан бүтэһик сылларга киирэр буолла. Кыыллаах өттүнэн муус кыайан барбакка, бу өттүнэн кэлэр.

Бүгүҥҥүтэ 13 олорор дьиэ ууга барда, муостатын үөһэ өттүнэн сапта. Сүүрбэччэ учаастагы уу ылла. Биир үөр ууга былдьанна.

Бэҕэһээ улуус дьаһалтатыттан ас-үөл, килиэп кэлбитин бүгүн тарҕаппыппыт. Бэрдиҥкэҕэ диэри массынанан тириэрдибиттэрэ, салгыы мыраан үрдүнэн Бороҥхуос өттүнэн аҕалбыттарын мотуорунан ылбыппыт. Кэлбит аһылыгы сүүрбэттэн тахса аадырыһынан түҥэппиппит”, — диэн баһылык этэр.

Улууска сааскы көмүөлтэн тахсыбыт хоромньуну быһаарар хамыыһыйа тэриллибитэ. Уу таһыма түстэр эрэ чөлүгэр түһэрии, хоромньуну ааҕыы барыахтаах. Өлүөхүмэлэр, Өлүөхүмэттэн төрүттээх биир дойдулаахтар көмөнү оҥоруу үлэтин саҕалаатылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

11 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

12 часов ago