Өлүөхүмэ улууһун баһылыга тутуу икки эбийиэгин көрдө-иһиттэ

Share

Күн бүгүн Өлүөхүмэ улууһун олохтоохторугар социальнай суолталаах икки улахан тутуу барар турар – доруобуйа харыстабылын дьиэтэ уонна олорор дьиэ. Улуус баһылыга Николай Харбин тустаах эбийиэктэр тутууларын хаамыытын кытта билистэ.

Николай Харбин: “Бастакынан оҕо уонна дьахтар доруобуйатын көрөр дьиэҕэ сырыттым. Өлүөхүмэ улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһын эбээһинэһин толорооччу Александр Николаев иһитиннэрбитинэн, ыалдьыбыт, доруобай уонна ис уорганнара (соматическай) ыалдьыбыттары көрөр, тус-туспа ааннаах балыыһа буолуоҕа. Бырайыак Роспотребнадзору уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытта сөбүлэҥи ааспыта.

Бэлиэтээн эттэххэ, тустаах эбийиэги Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Данчикова Галина Иннокентьевна көҕүлээбитэ итиэннэ норуот дьокутааттара Колодезников Алексей Засимович, Кульбертинов Николай Иванович өйөбүллэринэн олоххо киирэр.

Иккис эбийиэк – нэһилиэнньэни хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан тутулла турар элбэх кыбартыыралаах дьиэ. Биһиги улууспутугар атырдьах ыйын бүтүүтэ үлэтин чэрчитинэн кэлэн барбыт Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан тутуллар бырайыак маҥнайгы этээһигэр Дьиэ кэргэн элбэх хайысхалаах киинэ (Семейный МФЦ) олохтоноро былааннанар” — диэн баһылык тус телеграм ханаалыгар суруйар. Итиэннэ биэдэмэстибэннэй министиэристибэлэр көмөлөһөн, бэдэрээтчиттэр улуус дьаһалтатын, тэрилтэлэр салайааччыларын кытта бииргэ үлэлэһэн, тутуу үлэтэ ыйыллыбыт болдьоҕор түмүктэниэхтэрэ диэн иһитиннэрэр.

“Бу икки бырайыак биһиги улууспутугар олус улахан суолталаах тутуулар. Эбийиэктэр үлэҕэ киириилэрэ дьон олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар, табыгастаах буоларыгар көмөлөһүөхтэрэ” – диэн бэлиэтиир.

Хаартыска: Н.Н.Харбин ТГ.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: Нерюнгригэ дьахтары өлөрбүттэр

Сэрэдэҕэ, от ыйын 9 күнүгэр, Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ефрейтор Алексей Петров Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылла

«Медведь» позывнойдаах Алексей Петров РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сыл от ыйын 6 күнүнээҕи Ыйааҕынан…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Геология миниистирэ Максим Терещенко социальнай ситимнэргэ быһа эпииргэ тахсыаҕа

СӨ Бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ Максим Терещенко 2025 сыл от ыйын 10 күнүгэр, чэппиэргэ, СӨ…

54 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн кимнээх биэнсийэлэрэ үрдүөҕэй?

Атырдьах ыйын 1 күнүттэн хас да категориялаах гражданнар биэнсийэлэрэ улаатар, диэн РФ Бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2026 сылтан Дьиэ кэргэн нолуогун төлөбүрэ олохтонуо

Хайдах ааҕылларый? Төһө буоларый? Бу туһунан «Российская газета» суруйар. 2026 сылтан Арассыыйаҕа социальнай өйөбүл саҥа…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Тыаҕа 70 саастаах тэллэйдьит сүппүт

112 суһал көмө нүөмэригэр 70 саастаах эр киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит. Саха сиринээҕи Быыһыыр…

2 часа ago