Өлүөхүмэ улууһун киин балыыһатыгар уларыйыы буолуоҕа

Share

Өлүөхүмэ улууһун киин балыыһатын оҕо поликлиниката уонна дьахтар консультацията  саҥа атын дьиэҕэ көһүөхтэрэ.

Бу быһаарыыны Ил Дархан Айсен Николаев Өлүөхүмэ оройуонугар командировкаҕа сылдьан ылынна. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга улуус бу эбийиэктэрин анаан көрдө-иһиттэ. Саҥа олорор дьиэ бастакы этээһигэр баар эбийиэк 1200 кв.м тахса иэннээх.

Эбийиэги үлэҕэ киллэрэргэ көҥүл бэрилиннэ. Инникитин дьиэни атыылаһан ылыахтара. Айсен Николаев манна тустаах өрөмүөнү ыытарга сорудахтаата.

Туһааннаах ирдэбили тутуһан, өрөмүөнү ыытан, кэбиниэттэри толору хааччыйан, мэдиссиинэ тэриллэрин туруоруохха наада. “2026 сылга диэри бары тустаах көҥүлү ылар докумуоннары бэлэмнээн, эбийиэги 2026-2030 сылларга доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин саҥардыы бырагырааматыгар киллэрэн баран, бу дьиэни медицинскэй тэрилтэҕэ холбуохха наада. Олохтоох оҕо балыыһаларын кыһалҕалара уонна оҕолорго сөптөөх усулуобуйаны тэрийии боппуруостара бастакынан быһаарыллыахтаахтар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Билигин оҕо поликлиниката уонна дьахтар консультацията 1987 сыллаахха тутуллубут икки этээстээх мас дьиэ балыыһаҕа бааллар.

Социальнай эбийиэги атыылаһан баран, манна эбии сытан эмтэнэр стационар аһыллыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Семен Данилов алҕаабыт поэта

Хоргуппут хараххын хатааҥҥын Хомолто тылларын анаама, Тулаайах туруйа хаһыытын Тумулга хаалларан барыма... Кэм-кэрдии туманын нөҥүө…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Дьокуускайга сыал ытыытыгар күрэхтэһии иккис түһүмэҕэ саҕаланна

Дьокуускайга «Охотничий снайпинг» диэн сыал ытыытыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии иккис түһүмэҕэ саҕаланна. Турнир муус устар 12-13…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах үөрэх комплексын сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэриэхтэрэ

Дьокуускайга доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго үөрэх комплекса тутуллар. Быйыл сыл бүтүөр диэри бу Арассыыйаҕа ураты адаптивнай…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Арктика историята» бырайыак «Хрустальный компас» национальнай бириэмийэҕэ кыттар

"Хрустальный компас" национальнай бириэмийэ официальнай саайтыгар "Уопсастыбаннас билиниитэ"  номинацияҕа онлайн-куоластааһын буола турар. Бастыҥ бырайыак иһин…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Алдан» киинэни ыам ыйыттан көрдөрүөхтэрэ

Байыаннай дьайыы туһунан уһуллубут "Алдан" киинэ ыам ыйын 1 күнүттэн киэҥ эйгэҕэ тахсыаҕа. Киинэ премьерата…

4 часа ago