Салгыы
Өлүөхүмэҕэ байыастар ийэлэрин уонна аймахтарын кэмитиэтэ үлэлиир

Өлүөхүмэҕэ байыастар ийэлэрин уонна аймахтарын кэмитиэтэ үлэлиир

Ааптар:
10.05.2023, 21:30
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ улуустарын ортотугар бастакынан тэриллэн үлэлиир Өлүөхүмэ улууһуттан байыаннай эпэрээссийэҕэ сулууспалыыр саллааттар ийэлэрин уонна аймахтарын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Константин Анисимов салайар кэмитиэтэ тоҕо тэриллибитин уонна туох кыһалҕалары быһаарыыга ылсан үлэлиирин туһунан хаһыат саайтын ааҕааччыларыгар анаан кэпсээтэ.

— Биһиги дьиэ кэргэн улахан уолбутун Мишаны ааспыт күһүн быстах ыҥырыыга балаҕан ыйын 22 күнүгэр ыҥырбыттара. Икки нэдиэлэ учебкаҕа сырытыннаран бараннар, байыаннай эпэрээссийэҕэ Павловка анныгар баар Егоровка диэн дэриэбинэҕэ инники кирбиигэ бырахпыттара. Сэтинньи 6 күнүгэр бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан, суох буолбута. Оҕобут муора пехотатын 155-с штурмовой биригээдэтигэр сулууспалыы сылдьыбыта. Онно олус табаарыстаспыт уолунаан Дьокуускайтан сылдьар Соколов Сашалыын иккиэн суох буолтара. Ол сураҕы истэн баран кэргэмминээн иэдэйэ сылдьыбыппыт. Онуоха өйбүтүн-төйбүтүн, оннубутун буларбытыгар психологпыт Олимпиада Эльпидипоровна көмөлөһөн, өрүһүйбүт үтүөтүн умнуохпут суоҕа. Бу иэдээн кэнниттэн биһиги улууспутуттан хас да оҕо суох буолбута. Ити кэнниттэн кэмитиэт тэриниэхпитин наада эбит, бааһырбыт оҕолорбутун быыһаталыыр гына, көмөлөһөргө үлэлиэххэ диэн өй-санаа киирбитэ. Улуус баһылыгар Николай Харбиҥҥа киирэн этиммиппитин, улаханнык өйөөбүтэ. Кини уонна улуус социальнай үлэһиттэрин көмөлөрүнэн кэмитиэппитин ахсынньы ыйга тэриммиппит. Аҕалар өйүүллэр эрээри бу 15 киһилээх кэмитиэккэ соҕотох эр киһибин. Бэрэссэдээтэлгэ солбуйааччынан сылдьан баран бараммын, билигин бэрэссэдээтэл эбээһинэһин толорооччунан үлэлиибин. Бу үлэбэр кэргэним Жаннаретта Музофарова улахан көмө буолар.

Саҥа дьыл кэннэ Дьокуускайга кэмитиэт үлэтинэн тиийэммит, өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна дьокутааттары кытта үлэлээбиппит. Онно Николай Кульбертинов, Галина Данчикова, Алена Аталасова, Евгения Михайлова уо.д.а. көмөлөспүттэрэ. Кинилэр көмөлөрүнэн өрөспүүбүлүкэ доруобуйа харыстабылыгар миниистирин Лена Афанасьеваны кытта көрсөммүт, бааһырыы ылбыт байыаннай сулууспалаахтарбытын эмтиир, чөлгө түһэрэр үлэни ыытар туһунан боппуруостарга кэпсэтиини ыыппыппыт. Итини сэргэ бааһырбыт уолаттары таһынан кинилэр төрөппүттэрэ, кэргэннэрэ психологическай, моральнай өттүнэн чөлгө түһэллэригэр көмөлөөх үлэни тэрийэллэригэр Ил Түмэҥҥэ көрдөһүү киллэрбиппит. Саллаат чугас дьоно эмтэниэхтэрин, уоскуйуохтарын наада. Кинилэргэ аһара ыарахан.

Биһиги байыаннай сулууспалаахтарга барыларыгар көмөлөһөбүт, ким да диэн араарбаккабыт. Бааһырбыт, суох буолбут оҕолоох дьоҥҥо элбэх көмө наада. Холобура, докумуона суох буоллахтарына, көмө харчыны кыайан ылбаттар. Докумуоннары хомуйан толорууга ыйан-кэрдэн, сүбэлээн, улахан үлэ ыытылынна. Биһиги уопсастыбанньыктар буоларбыт быһыытынан көрдөһөбүт эрэ. Туһааннаах тэрилтэлэргэ үлэһиттэр үксэ быһа гыммакка, тута көмөлөһөн иһэр буолан үчүгэй. Онон үгүс кыһалҕалаах боппуруостар, төлөбүрү ылыы быһаарыллар кыахтанар. Докумуон өттүгэр сыыһа-халты, ситэтэ суох баар буоллаҕына, атын регионтан барбыттар ынараа да ылбаттара, манна да кыайан ылбаттара баар суол.
Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһуллуутун кэмитиэппит өттүттэн көрө-истэ сылдьыбыппыт – уокка оттор маска, иһэр мууска, атын хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ улуус да, нэһилиэк да дьаһалталара буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр сөптөөх көмөнү оҥоро олороллор. Кинилэргэ көмөҕө бары күүскэ түмсүүлээхтик үлэлээбиттэрэ, билигин да ким да туора турбакка, үлэлииллэр. Онон сулууспалыы сылдьар уолаттарын, кэргэннэрин суохтаппатахтара.

Бэлиэтии көрдөхпүнэ, билигин дьон ортотугар икки өттүгэр хайдыһыы баар. Ол – бастакыта, байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар буойуттар чугас дьонноро уонна аймахтара, иккиһэ — кимнэрэ да байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллыбатах, онно барбатах уолаттардаах дьон диэҥҥэ. Биһиги курдук кыһалҕаҕа түбэспит дьоннорго волонтердарбыт күүскэ көмөлөһө сылдьаллар. Кинилэргэ – улахан махтал буоллун. Улууспут баһылыга Николай Харбин нөҥүө Ростовка олорор Өлүөхүмэ олохтоохторун Олег Саранцевы уонна Вера Душкевиһы буламмыт, биһиги улууспутуттан байыаннай эпэрээссийэҕэ баран бааһырбыттарга көмөлөһүҥ, билсиҥ-көрсүҥ диэммит көрдөспүппүт. Кинилэр билигин өрөспүүбүлүкэттэн ананан онно саллааттарга көмөлөһөр сүрүннүүр үлэһиттэр буолтара. Билигин улуустан үс уолбут Ростовка волонтердуу сылдьаллар. Инники эмиэ түөрт-биэс уол үлэлии сылдьыбыта. Биир сүрүн волонтербут Алексей Куприянов онно ыйтан ордук үлэлии сылдьар. Билигин бастайааннай үлэһитинэн волонтердуу Алексей Митюков командировкаланан барыахтаах. Маннааҕы Волонтер киинин нөҥүө байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарбытыгар баһыылкалар ыытылла тураллар.

Барытын саба тутар кыаллыбатынан кэмитиэккэ үлэбит хайысхаларын үллэстэн быһаарабыт. Бу күннэргэ Владивостокка байыаннай хамандыырдары көрсөр сыаллаах сырыыга улуус дьаһалтатыттан административнай салаа начаалынньыга  Ирина Копыловалыын барыахтаахпыт. Маннык үлэ бастайааннай төрүккэ ыытыллара буоллар диэн этиилээхпин. Тоҕо диэтэххэ, байыаннай чаастары кытта ыкса үлэлээтэхпитинэ эрэ оҕолорбутун этэҥҥэ сырытыннарыахтара. Бааһырыы ылбыт уолаттар ордук элбэх күчүмэҕэйдэри көрсөллөр: аанньа эмтээбэттэр, эмтэнэр сиргэ сөптөөх усулуобуйа тэриллибэт түгэннэрэ көстөн ааһар, онтон да атын араас уустуктар, кыһалҕалар бааллар.

Уолаттарбыт дьылҕалара хамандыырдартан улахан тутулуктаах. Ол иһин кинилэри кытта анаан-минээн көрсө-билсэ барабын. Мин уолум сылдьыбыт 155-с биригээдэтэ ити Владивостоктан барбыта. Билэргит курдук, 155-с биригээдэ муора пехотатын штурмовой биригээдэтэ буолар. Кинилэр билигин даҕаны саамай инники кирбиигэ бааллар. Хара маҥнайгыттан итиннэ киирбиттэрэ уонна сорохторо онно сылдьыбыттара сыл аҥаарыттан ортулар. Биирдиилээн уоппускаҕа кэлэллэр.

Бааһырбыттары доруобуйаларын чөлгө түһэрии, эмтээһин, буойуттары уоппускаҕа ыытыы, докумуоннары хомуйан биэрии, дьиэ, хаһаайыстыба үлэлэригэр, өрөмүөҥҥэ көмөлөһүннэрии курдук, онтон да атын боппуруостары быһааралларыгар көмөлөһөбүт. Итилэри быһаарарга уустуга элбэх буолар, бииртэн биир тахсан иһэр. Сорох дьон кыайан сүүрэн-көтөн испэттэрэ, сатаан быһаарсыбаттара баар суол. Кэмитиэт тэринэн үлэлиирбитин истэннэр, атын улуустан биһиэхэ сибээскэ тахсаллар. Ону билэрбитинэн-көрөрбүтүнэн ыйан-кэрдэн, сүбэлээн көмөлөһөбүт. Ол сүбэнэн буойуттар төрөппүттэрэ эбэтэр кэргэттэрэ туһааннаах докумуоннарын оҥортороллор, сүүрэллэр-көтөллөр.

Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр көмөнү тэрийиини сүрүннүүр координатор киһи ананар үлэлиэхтээх. Кини кимиэхэ туох көмө наадатын барытын билэн-көрөн, быһаарыы боппуруоһун туһааннаах инстанцияларга үллэрэн тиэрдэр, толоруллуутун хонтуруоллуур эбээһинэстээх. Хамнастаах маннык координатордар улуустарга барыларыгар көрүлүннэ. Кини кимиэхэ ханнык матырыйаалынай көмө төһө-хачча барыахтааҕын учуоттаан, быһаччы дьарыктанар.

Кэмитиэт тэриниэхпититтэн Жаннаретта Халитовналыын иккиэн улуустан байыаннай эпэрээссийэҕэ сулууспалыыр саллааттар, кинилэр ийэлэрэ уонна аймахтара көрсөр кыһалҕаларын быһаарыы боппуруостарыгар көмөлөһөбүт, өрөспүүбүлүкэ салалтатын, бырабыыталыстыбаны кытта сибээскэ сылдьабыт. Бары көмөлөһө сатыыллар, маннык тэринэн үлэлии сылдьарбытын өйүүллэр, биһиэхэ улахан көмө буолаҕыт дииллэр. Оттон кинилэр эмиэ биһиэхэ улахан көмө буолаллар.

Үлэлиирбит, сылдьарбыт тухары биһиги курдуктар кыһалҕаларын быһаарыыга саамай улахан көдьүүстээх көмөнү “Биир ньыгыл Арассыыйа” паартыйа дьонноро оҥоро сылдьаллар. Атын паартыйалар тылларынан биһиги диэкилэр эрээри, эбэтэр кыһамматтар, эбэтэр наадыйбаттар. Оттон дьиҥ дьыаланан биһиги кэмитиэппитигэр көмөлөһөөччүнэн “Биир ньыгыл Арассыыйа” паартыйа буолла, кинилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит.

Дьокуускайга тиийэн биир ый үлэлиирбитигэр олорор сири булан биэртэрэ: Алексей Колодезников тута миэхэ эрийэн, дьиэ булан олохтообута. СӨ Дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэлэрин Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева кабинет булан биэрбитэ. Евгения Михайлова кэмитиэппит үлэтинэн тугу наадыйдыбыт даҕаны тылынан уонна дьыаланан көмөлөстө. Ханнык боппуруоһунан кими көрсүөххүтүн баҕараҕыт диэн ыйытаннар, Ил Дархан Айсен Николаевы, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччылары барыларын кэриэтэ, туһааннаах дьокутааттары кытта көрсүһүннэрдилэр. Быһаарсар боппуруостарбытынан, туруорсууларбытынан бэрт түргэнник үлэлээн иһэллэр, онон кыһалҕалаах дьыалаларбыт быһаарыллан иһэллэр. Бу бара сылдьан бырабыыталыстыбабыт наһаа күүскэ үлэлии сылдьарын биллибит. Ил Дархан Айсен Николаевы кытта истиҥ көрсүһүү буолбута. Социальнай өттүнэн бэһис категориялаах өйөбүл көрүллэн, саллааттар дьонноро кыһалҕаларынан наадалаах айаҥҥа-сырыыга уо.д.а. сылдьалларыгар босхо буоларын көрөр быһаарыылар үлэлииллэр. Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин улахан көмөнү оҥорбутун бэлиэтиибин. Министиэристибэ дьаһалынан саллааттарбыт уонна кинилэр дьонноро реабилитационнай кииҥҥэ, балыыһаларга сылдьалларыгар биэрэр карточкаларыгар кыһыл чэрэниилэнэн “СВО» диэн бэлиэтээн суруйаннар, уочарата суох түргэнник сылдьаллар. Биһиги кэргэмминээн маны тус бэйэбитинэн, эппитинэн-хааммытынан биллибит, махталбыт улахан. Биһиги курдук дьонтон ыйытан, кэпсэтэн көрдөххө, кинилэр эмиэ маннык көмөттөн астыналларын биллэрэллэр. Киһилии сыһыан, моральнай өттүнэн өйөбүл улахан суолталаах диибит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • 8°C
  • Ощущается: 5°Влажность: 49% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: