Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээхтэр муһуннулар (ВИДЕО)
Дьокуускай куоракка олорор Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээхтэр “Түмсүү” холбоһуктарын тэрийиитинэн Гагарин аатынан култуура дьиэтигэр биир дойдулаахтар “Норуокка эрэллээх” (“С верой в народ”) тэрээһиннэрэ буолан ааста.
Бу күн Гагарин аатынан култуура дьиэтин уораҕайа өлүөхүмэлэринэн туола түстэ. Тарбахтарыгар талааннаах өлүөхүмэлэр бэйэлэрин оҥоһуктарынан быыстапка туруордулар, Арассыыйаҕа тиийэ аатырбыт “Өлүөхүмэ кыладабыайа” тыа хаһайыстыбатын оҥорон таһаарар тэрилтэ атыыны-тутууну тэрийдэ, киэһэ сааланы толору Өлүөхүмэттэн төрүттээхтэр кэнсиэргэ тоҕуорустулар.
Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин: “2013 сыллаахха биһиги улууспут нэһилиэнньэлээх пууннарын уу ылбытыгар саҥа түмсэн саҕалаабыппыт, оччолорго “Түмсүү” курдук биир дойдулаахтар тэрилтэбит суоҕа, кэнсиэр тэрийбиппит. Ыарахан кэмҥэ Өлүөхүмэ норуота биир сомоҕо буолар кыахтааҕын илэ көрбүппүт.
Билигин дойду судургута суох кэмнэри туорууругар, түмсүү, сомоҕолоһуу улахан суолталаах. Бүгүҥҥү тэрээһин Өлүөхүмэ уустук кэмнэргэ бииргэ буоларын итэҕэтэр”, — диэн эттэ.
“Түмсүү” Өлүөхүмэттэн төрүттээхтэр уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Наталья Игнатьева биир дойдулаахтар тэрээһиннэрин өйөөбүт дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ, кыттааччыларга махталын биллэрдэ. Бу үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыт “Норуокка эрэллээх” тэрээһини саҥа талыллыбыт бырабылыанньа иилээн-саҕалаан ыытта.
Кэнсиэри, айаны аахсыбакка кэлбит Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин “Күбэйэ” үҥкүү ансаабыла (худ. сал. Ольга Акимова) арыйда. “Күбэйэ” бииртэн-биир көрүөхтэн кэрэ үҥкүүлэри бэлэхтээн ытыс тыаһын ылла. Аны хас үҥкүү ахсын таҥастара уларыйан, букатын атын ансаамбыл кэриэтэ бу тахсан кэлэллэр.
Кэнсиэр кэнниттэн: “Өлүөхүмэ улууһа талааннаах да дьонноох-сэргэлээх эбиппит”, — диэн элбэх киһи бэлиэтээн этэр. Ол курдук, Өлүөхүмэ улууһуттан силистээх, СӨ култууратын туйгуна Анна Яковлева-Дива, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы ырыа күрэхтэрин Гран-при хаһаайката, лауреата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕайдааҕы култуура киинин исписэлииһэ Мария Васильева, “Туой Хайа” ырыа күрэҕин дипломана, СӨ култууратын туйгуна Анатолий Корнилов, норуттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр кыайыылааҕа, Саха сирин судаарыстыбаннай филармониятын солиһа, СӨ култууратын туйгуна Дмитрий Никифоров, саксофонист Дмитрий Павлов, Култуура кэллиэһин устудьуона Андрей Латышев, ХИФУ устудьуона Айталы Куо, о.д.а. дууһа сөҥөн сытар утахтарын таарыйар нарын, истиҥ, эмиэ да күүстээх ырыаларын бэлэхтээтилэр. Бу кэрэ ырыалар кэмнэригэр экраҥҥа Өлүөхүмэ киэҥ-нэлэмэн айылҕатын үрдүк мэҥэ халлаантан устан көрдөрүү, көрөөччүнү бэйэтэ да билбэтинэн дойдутугар сиэтэн илдьэргэ дылы буолла.
Саха сирин тайҕатыгар муммут баара-суоҕа 3 саастаах кырачаан, хорсун Карина Чикитованы ама ким умнуой. Бу күн Карина биир дойдулаахтарыгар бэйэтин үҥкүүтүн бэлэхтээн үөртэ.
Аттыбар олорбут дьон ахтылҕаннарын таһааран тэҥҥэ ыллаһа, үҥкүүлээн хамсана олордулар. Өлүөхүмэлэр дойдубутугар баран кэлбит курдук сананан, билэр-билэр дьоммутун көрсөн үөрэн-көтөн тарҕастыбыт. Чахчы сынньалаҥ, дьоро киэһэтэ буолла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: