Өлүөхүмэ уонна Нам улуустарын оҕолорун сынньалаҥнарыгар үп-харчы көрүллүөҕэ
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков бэҕэһээ, ыам ыйын 28 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан үп-харчы аныыр туһунан дьаһал таһаарда.
34,71 мөл. солк. суумалаах үп-харчы Өлүөхүмэ уонна Нам улуустарын нэһилиэктэрин оҕолорун сынньалаҥнарын уонна чэбдигирдиилэрин тэрийиигэ ыытыллыаҕа.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куоракка «Сосновый бор» оҕолору сынньатар уонна чэбдигирдэр кииҥҥэ Нам улууһуттан барыта 120 оҕо сынньанар. Кинилэргэ доруобуйаларын бөҕөргөтүүгэ «Будь здоров» бырагыраама бэлэмнэммитэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, ыам ыйын 20 күнүттэн Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Бырабыыталыстыбаҕа нэһилиэнньэлээх пууннары уонна экэниэмикэ эбийиэктэрин чөлүгэр түһэриигэ, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйыыга уонна эмсэҕэлээбиттэргэ социальнай уонна матырыйаалынай көмөнү оҥорууга туһааннаах дьаһаллары ылынарга сорудахтаммыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: