Өлүөхүмэҕэ аттан сууллубут оҕо улаханнык эчэйбит

Өлүөхүмэ улууһугар 14 саастаах оҕо аттан сууллан, улаханнык эчэйбит. Быраастар ыарахан туруктаах оҕо мэйиитин эпэрээссийэлээтилэр диэн ЯСИА иһитиннэрэр.
«Биһиги Мэдиссиинэ национальнай киинин нейрохирургическай отделениетын кытта барыллаан сүбэлэспиппит уонна санавиацияны күүппэккэ, манна миэстэтигэр эпэрээссийэни оҥордубут. Оҕо аттан суулларыгар сиргэ кытаанах эттиккэ кэлэн түһэн, улаханнык эчэйбит. Оройун уҥуоҕун тоһуппут этэ. Гематоматын иэнэ 50 мл тиийэ улахан этэ. Суһаллык эпэрээссийэлииргэ соруммуппут. Бу маннык гематоматтан мэйиигэ хаан туруон, өлүөххэ да сөп», — диэн травматолог-ортопед быраас, Өлүөхүмэтээҕи киин балыыһа травматологияҕа уонна ортопедияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Кирилл Курганов иһитиннэрбит.
Эпэрээссийэ уустуга суохтук ааспыт, оҕону санавиациянан Дьокуускайга ыыппыттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: