Өлүөхүмэҕэ бэйдиэ ыттар кыһалҕалара кытаатта

Share

Халлаан сылыйан, саас кэлиитэ бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата күөрэйэр.

Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ Дьокуускайга 202  түөлбэҕэ, Саталга бэйдиэ сылдьар ыттар үөрдүспүт видеолара тарҕаммыта. Маны сэргэ, Өлүөхүмэҕэ бэйдиэ сылдьар ыттар аһары элбээннэр уоннуу үөргэ тиийэ  элбээбиттэрин, дьоҥҥо саба түһэллэрин туһунан СИА суруйар.

Олохтоохтор уулуссаҕа, оскуолаларга оҕолорун соҕотохтуу ыыталларын куттанар буолбуттар. Өлүөхүмэ куоратын баһылыга Сергей Щебляков бу балаһыанньаны маннык быһаарбыт:

— Бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана 300-кэ кэриҥэ. Ыты тутууга, иитиигэ үп-харчы тиийбэт. Суоттаан көрдөххө, биир ыты көрүүгэ-истиигэ ыйга 15 тыһ.солк ороскуоттанар. Былырыын биһиги Бэтэринээрийэ департаменыттан сүүс бэйдиэ ыты тутууга субвенция быһыытынан 1,5 мөл.солк. көрдөөбүппүт. Бүгүҥҥү күҥҥэ 92 тыһ.солк. тутан олоробут. Бу харчы алта эрэ ыты тутан аттыырга, аһатарга тиийэр.  Онон, салгыы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрдүөхпүт.

Баһылык бэлиэтииринэн, киирбит харчынан чааһынай тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсэн бэйдиэ ыттары быстах пууҥҥа тутуохтара. Тутуллубут ыттары аттаан, ыраастаан, бииркэлээн баран уулуссаҕа төттөрү ыытыахтара. Маны сэргэ, бэйдиэ ыттары тутуунан олохтоох «зоозащитниктар» үлэлэһиэхтэрэ. Кинилэргэ бу үлэни толороллоругар 1 мөл.солк.көрүллүбүт.

«Биһиги дьокутааттарбыт Бэтэринээрийэ департаменыгар сокуон хараҕар уларытыылары киллэрэр этиилээх тахсыбыттара. Ол курдук, хаһаайына суох бэйдиэ ыттары «сымнаҕастык» утутар туһунан этии көтөхпүттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, бу боппуруоһу атыннык быһаарар кыах суох буолла, ыттар оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ хаста даҕаны саба түстүлэр. Ааспыт сылга дьоҥҥо саба түспүт аҕыс ыты туппуппут уонна төттөрү көҥүл ыыппыппыт», — диэн этэр Сергей Щебляков.

СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена бэлиэтииринэн, бу сылга бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын быһаарыыга судаарыстыба бүддьүөтүттэн улуустарга 80 мөл.солк. көрүллүбүт.

Бэлиэтээн эттэххэ, аныгы, сайдыылаах үйэҕэ бэйдиэ сылдьар ыттан куттанан уулуссаҕа көҥүл сылдьыбат буолуу, оҕо туһугар долгуйуу сүрэ бэрт.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago