Өлүөхүмэҕэ эр киһи оҕону үөр ыттан быыһаабыт

Share

Алтынньы 16 күнүгэр Өлүөхүмэ киин уулуссатыгар үөр ыттар оҕоҕо саба түһэ сыспыттар. Иэдээн тахсыаҕын, эр киһи түбэһэ түһэн оҕону  быыһаабыт. СИА-ҕа Өлүөхүмэ баһылыга Сергей Щебляков  иһитиннэрбитинэн, оҕоҕо саба түһэ сатаабыт ыттары тутууга биригээдэ тэриллибит.

«Быһылаан Өлүөхүмэ куоратын дьаһалтатын дьиэтин иннигэр тахсыбыт. Аһыныгас сүрэхтээх олохтоохтор бэйдиэ сылдьар ыттары өрүү аһаталлар, онон бу эҥээр ыттар өрүү үөрдүһэллэр, аһыыр сирдэриттэн арахпаттар. Эр киһи түбэһэ түһэн ыттары үүрэн, хата, оҕо эмсэҕэлээбэтэ», — диэн иһитиннэрбит баһылык. Онон Өлүөхүмэ дьаһалтата оҕоҕо саба түһэ сыспыт ыттары барыларын тутан куорат таһыгар көҥүл ыытыы туһунан быһаарыы ылыммыт.

Баһылык иһитиннэрбитинэн, Өлүөхүмэҕэ бэйдиэ ыттары тутууга үп көрүллүбэтэҕинэн, кинилэри тутар, хаайар пуун суох эбит. Бу сылга СӨ Бэтэринээрийэҕэ департамена бэйдиэ ыттары тутууга уонна аттааһыҥҥа 92 тыһ.солкуобайы көрбүт. Бу харчы сэттэ ыты тутан аттааһыҥҥа эрэ тиийбит. Сокуон хараҕынан бу аттаммыт ыттары уулуссаҕа көҥүл ыыппыттар. Видеоҕа көстүбүтүнэн, оҕоҕо саба түһэ сыспыт ыттар  кулгаахтарыгар биркэлээхтэр эбит. Сергей Щебляков бэлиэтииринэн, бары бэйдиэ ыттары тутууга кырата 1,5 мөл.солкуобай наада үһү.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
2
+1
2
+1
0
+1
6
+1
2
+1
5

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago