Салгыы
Өлүөхүмэҕэ гаас баайдаах сири буллулар

Өлүөхүмэҕэ гаас баайдаах сири буллулар

10.01.2023, 14:13
Бөлөххө киир:

«Туймааданефтегаз» тэрилтэ Өлүөхүмэ оройуонугар саҥа бөдөҥ гаас баайдаах сири арыйда, хостонор саппааһа 34 865 мөл. кубометрга сыаналанар диэн СӨ Бырамыысаланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Гааһы Мухтуйатааҕы лиссиэнсийэлээх учаастакка сири дьөлө үүттүүр үлэни ыыта сылдьан буллулар.

Хампаанньа исписэлиистэрэ геологическай чинчийиини ыытаннар, учаастакка төһө саппаас баарын бигэргэттилэр. Саҥа учаастагы «Мухтинскай» диэн ааттаатылар.

«Биһиги Саха сирэ Уһук Илин энергетическэй лиидэр буоларын бигэргэтэргэ дьулуһабыт. Саҥа учаастак өрөспүүбүлүкэҕэ гаас хостооһунун кээмэйин үрдээһинигэр улахан сабыдыалы оҥоруо. Биир саамай кэскиллээҕэ — «Сибиир күүһэ» гаас магистралыттан уонна ИСТА (ВСТО) ниэп ситимиттэн  чугаһа буолар. Бу учаастак  уонна хампаанньа инники үлэтигэр улахан кыахтары биэрэр», — диэн бырамыысаланнас уонна геология миниистирин бастакы солбуйааччыта Михаил Кириллин санаатын үллэһиннэ.

Санатан эттэххэ, Саха сирэ ааспыт сыл түмүгүнэн бырамыысаланнаска көрдөрүүтүнэн Арассыыйа уон бастыҥ эрэгийиэнин иһигэр киирбитэ. Ааспыт сылга гааһы хостооһун уопсай кээмэйэ 17 млрд кубометртан тахсыбыта, ол 2021 с. көрдөрүүтүттэн  24 % улахан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: