Өлүөхүмэҕэ халбаһы оҥоруохтара

Өлүөхүмэҕэ халбаһы оҥоруохтара

24.04.2024, 21:06
Хаартыска: Сергей Щебляков ТГ ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Сэбиэскэй кэмҥэ Өлүөхүмэҕэ халбаһы оҥороллоро. Аҕа көлүөнэ ол халбаһы амтанын билигин даҕаны өйдүүр. Аны күһүҥҥүттэн өлүөхүмэлэр ол халбаһыны сөргүтэр, “Өлүөхүмэҕэ оҥоһуллубут” диэн ааттыыр былааннаахтар.

Хаартыска: Сергей Щебляков ТГ ханаалыттан.

— Олохтоохтору кытта көрсүһүүлэргэ: “Олохтоох деликатес – халбаһы, мороженай, сибиэһэй лимонад олус да минньигэс этэ” — дииллэрин элбэхтик истэбин. Бүгүн биһиги бу үтүө үгэһи төнүннэриигэ хардыылыыбыт.

Ас-үөл куттала суох буолуута – судаарыстыба, олохтоох таһымҥа биһиги эмиэ, биир инники турар сорукпутуттан биирдэстэринэн буолар дии саныыбыт. Онон үөрүүлээх сонуммутун үллэстэбит – сотору кэминэн Өлүөхүмэ маҕаһыыннарыгар олохтоох халбаһы, ыыһаммыт астар, бэлимиэн о.д.а. бэлэм оҥоһуллубут аһылыктар атыыга тахсыахтара.

Биһиги Антонов И.Д. урбаанньыты кытта сөбүлэҥҥэ илии баттастыбыт, ирдэнэр тэрили ыларга бүддьүөттэн үп көрдүбүт. Сөбүлэҥ суолталаах пуунунан, олохтоох оҥоһуу уонна хаачыстыбалааҕын бэлиэтээн, бородууксуйа “Өлүөхүмэҕэ оҥоһулунна” (“Сделано в Олекминске”) брендынан атыыга тахсыыта буолар.

Ааспыты сөргүтэргэ уонна Өлүөхүмэ дьиҥнээх халбаһытынан биһигини күндүлүүргэ бэлэм көхтөөх, патриот урбаанньыттар бааллара үөрдэр!

Сонуну кэтэһиҥ, бэрт сотору кэминэн эһиги сандалыгытыгар оҕо сааскытыттан билэр, тапталлаах аскыт баар буолуоҕа! — диэн Өлүөхүмэ куорат баһылыга Сергей Щебляков телеграм ханаалыгар суруйар.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 83% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: