Өлүөхүмэҕэ хочуолунай машиниһа ыалы баһаартан быыһаата
Өлүөхүмэҕэ бу сыл сэтинньи 12 күнүгэр 23:30 чааска хочуолунай машиниһа Антон Крупенков ыаллыы турар дьиэ кырыыһатыттан буруо тахсарын көрөн, тута онно сүүрбүт. Бу туһунан ГУП ОДьКХ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Антон Крупенков ыалларыгар сүүрэн тиийэн, ааны тоҥсуйан хаһаайканы уонна оҕону таһырдьа таһаарбыт. Ыал аҕата Никита Меняков бу кэмҥэ хочуолунайга сменатыгар үлэлии сылдьыбыт.
Антон Крупенков бэйэтин дьиэтиттэн биэдэрэлэргэ уу аҕалан, уот умайа турар сирин умуруоран саҕалаабыт. Дьиэ хаһаайкатын ыалларын уһугуннаран, көмөлөһө кэлэллэригэр соруйбут, баһаарынайдары күүтэргэ бириэмэ ыгым буоллаҕа.
Ыаллыы олорор дьон бэйэлэрин дьиэлэриттэн уу барар шлангатын холбообуттар, уоту хаарынан умуруорарга бары саба түспүттэр. Инньэ гынан, быыһыыр сулууспа кэлиэр диэри уоту умулларбыттар.
Антон Крупенков түргэн уонна быһаарыныылаах хамсаныыларынан дьон олоҕо уонна дьиэтэ быыһанна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: