Өлүөхүмэҕэ көтөр пиэрмэтин тэрийдилэр

Өлүөхүмэҕэ көтөр пиэрмэтин тэрийдилэр

09.11.2024, 10:20
Хаартыска: Ощепков А.В.
Бөлөххө киир:

Олохтоох, иҥэмтэлээх аска-үөлгэ туох тэҥнэһиэ баарай. Маны таба өйдөөн, бырамыысыланнаска үлэтин хаалларан туран Александр Ощепков Өлүөхүмэ куоракка көтөр пиэрмэтин тэрийдэ.

Хаһаайынтан, Александр Ощепковтан, быраамыысыланнаска балачча уһун кэм устата үлэлээбит, бу хайысхаҕа анал үрдүк үөрэхтээх киһи (Томскайга үөрэммитэ, аапт.) тоҕо уурайан куурусса иитэргэ санаммытын туһунан туоһуласпыппар: “Бэйи, хара маҥнайгыттан кэпсиэххэ…” диэн баран миигин 1990-с сылларга эргитэн илдьэр.

— 1990-с сыллар саҥаларыгар сопхуостар ыһыллыбыттарын кэннэ, 1996 сыллаахха ийэлээх аҕабыт – Зарема Валентиновна, Виссарион Андрианович Ощепковтар бааһынай хаһаайыстыба тэриммиттэрэ. Сир ылан, бурдук, оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыгырбыттара. Биир кэмҥэ тохтуу сылдьан баран, 2013 сыллаахха кыра бырааппыт Иван Виссарионович Ощепков бурдугу ыһыынан дьарыктанан саҕалаабыта, билигин даҕаны үүннэрэр. Биирдии га сиртэн сыллата 22-25 центнер бурдугу хомуйар. Ол эрээри, бурдугун батарар сирэ кыра. Онон аҕыйах сыллааҕыта дьиэ кэргэнинэн түмсэн, бурдугу хайдах батарабыт, дьыалабытын хайдах кэҥэттэбит диэн толкуйга түспүппүт. Аҕабыт Виссарион Андрианович: “Өлүөхүмэ былыр-былыргыттан саһарчы буспут бурдуктаах бааһыналарынан биллэрэ. Оннооҕор Өлүөхүмэ улууһун бэлиэтигэр бурдук уруһуйдана сылдьар, бурдугу салгыы сайыннарыҥ, көтөр пиэрмэтин тэриниҥ. Үп-харчы даҕаны манна улуус иһигэр эргийиэ этэ” – диэн сүбэлээбитэ. Уопсайа 16 сыл бырамыысыланнаска үлэлээтим. Билигин бэйэм-бэйэбэр үлэлиэхпин, олохтоох аһы-үөлү дэлэтиинэн дьарыктаныахпын баҕарабын.

Күн бүгүн Өлүөхүмэҕэ бурдугу түөрт хаһаайыстыба үүннэрэр. Онон барыта былааннаммытын курдук табылыннаҕына, кууруссаны аһатарга бурдугу хантан да соҕурууттан сакаастаабакка, олохтоох үүннэрээччилэртэн атыылаһыахтаахпын. Миэхэ да, бурдугунан дьарыктанааччыларга даҕаны табыгастаах буолуо этэ. Оттон уонна саамай сүрүнэ нэһилиэнньэни олохтоох бурдукка аһаабыт куурусса сибиэһэй сымыытынан хааччыйыах этибит. Өлүөхүмэҕэ көтөр пиэрмэтэ суох,  сымыыты Дьокуускайтан эбэтэр үксүн Благовещенскайтан, Новосибирскайтан аҕалаллар. Маҕаһыыннар 20 солк., чааһынайдар биирдиилээн 25-30 солк. атыылыыллар, — диэн кэпсиир.

Хомойуох иһин, биир уоспутунан олохтоох аһы-үөлү дэлэтиэххэ диибит, иккис курдук үлэлиир баҕалаах дьон туох да граҥҥа хапсыбакка хаалара кыһыылаах. Александр Виссарионович  2023  Агростартапка кыттыбыт эрээри, хапсыбатах. “Туһааннаах министиэристибэ үлэлиэн баҕалаах дьону өйөөбөт. Субсидия биэрэр да буоллахтарына уһатан-кэҥэтэн, быһан-отон баран көрөр быһыылаах. Тус бэйэбэр оннук да көмө суох. Үп-харчы өртүнэн Дьокуускай куораттан чугас сытар улуустар туһаналлар”, – диэн эмиэ да кыһыытын, эмиэ да хомолтотун биллэрэр. Ол да буоллар быйыл күһүн иккис сылын сүтэримээри, алтынньы саҥатыгар бэйэтин күүһүнэн Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыттан 1 тыһ. кууруссаны, уонна хотон тутуутун матырыйаалын атыылаһан илдьибит. Куораттан Өлүөхүмэҕэ диэри тириэрдиитин кытта балачча суумаҕа турбут.

Аҕыйах хонуктааҕыта 20 миэтэрэ усталаах, 8 миэтэрэ туоралаах хотону иккиэ буолан тутан дьэндэтэн, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын үлэһиттэрэ тахсан субуотунньукка, “Өлүөхүмэ суоллара” тэрилтэ буор кутуутугар көмөлөһөн, кууруссаларын номнуо киллэрбит. Түгэнинэн туһанан, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар, “Өлүөхүмэ суоллара” (“Дороги Олемы”) тэрилтэҕэ, Заречнай нэһилиэгин баһылыгар уонна үп-харчы, хотон тутуутугар тугунан да кэмнэммэт сүҥкэн көмөнү оҥорбут Өлүөхүмэ куорат дьаһалтатыгар (мээр С.Е.Щебляков) улахан махталын биллэрэр.

Өлүөхүмэҕэ диэри атын улуустарга курдук сылы эргиччи сылдьар суол-иис суох. Онон, этэргэ дылы, маҕаһыыҥҥа  кэлии сымыыт да баарыгар баһыыба курдук. Оттон олохтоох көтөр пиэрмэтэ атаҕар турдар, нэһилиэнньэ бэйэ сымыытынан хааччыллыах этэ. Александр Ощепков эһиилгиттэн үлэтин кэҥэтэр былааннаах. Ол курдук, кэлэр 2025 сыл от ыйыгар Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыттан 6 тыһ. кууруссаны атыылаһарга сайаапка хаалларбыт.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 84% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: