Өлүөхүмэҕэ коррекционнай интэринээт успуорт саалата саҥардыллар

Share

Өлүөхүмэ куоракка Ил Дархан Айсен Николаев анал коррекционнай интэринээккэ тэрилтэ үлэһиттэрин кытта көрсөн, педагогтар саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэрин кытта билистэ.   

 Оскуолаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллар “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” бырагырааматын чэрчитинэн 400 кв.м иэннээх успуорт саалата саҥардылла турар.  Учууталлар оскуола үөрэнээччилэрэ араас успуорт көрүҥнэрин күрэхтэһиилэригэр хаста да бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрин туһунан кэпсээтилэр.

“Оскуола үлэһиттэрэ доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго успуорка тапталы иҥэрэллэрин, үөрэнээччилэр успуорт саалатыгар бэркэ астынан дьарыктаналларын билиһиннэрдилэр. Учууталлар выпускниктара оскуолаттан идэ ылан тахсалларын, ол көмөтүнэн олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булалларыттан киэн тутталлар”, —— диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэйэтин Telegram ханаалыгар бэлиэтээтэ.

Үөрэх кыһатыгар 102 оҕо үөрэнэр. Манна атах-сүһүөх, кыра саастарыттан аутизм уонна Даун ыарыылаах оҕолор үөрэнэллэр. Маны таһынан, коррекционнай оскуолаҕа оҕолор анал идэлээх буолан тахсалларыгар болҕомто ууруллар. Ол курдук, оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор болуотунньук, санитарнай систиэмэни уонна тэрилитаҥааччы, иистэнньэҥ, иитээччи көмөлөөһүччүтэ идэлэргэ уһуйуллан тахсаллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

12 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

12 часов ago