Өлүөхүмэҕэ кырдьаҕастар дьиэлэрэ тутуллан киириэҕэ
Бу сыл бүтүөр диэри Өлүөхүмэ улууһун Селиваново сэлиэнньэтигэр инбэлииттэр, кырдьаҕастар интэринээт-дьиэлэрэ тутуллан киириэхтээх. Бу эбийиэк “Демография” национальнай бырайыак “Аҕам саастаах көлүөнэ” федеральнай бырайыагын үбүлээһининэн тутуллар. Үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Алексей Александров тутуу хайдах бара турарын көрөн-истэн, билсэн кэллэ.
— Бу хонтуруолунай бэрэбиэркэбит буолар. Эбийиэк иэнэ 7014 кв.м., 3 куорпустаах. Икки куорпуска дьон олоруоҕа, үһүс куорпус сынньанарга, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ аналлаах. Бу сыл бүтэһигэр диэри тутуллан бүтүөхтээх. Тутар-таҥар үлэ бүтэн турар. Ис үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Тутааччыларга ирдэбил улахан. Саҥа, сырдык, киэҥ, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ интэринээт олохтоохторугар быдан хаачыстыбалаах өҥөлөрү оҥоруохпут диэн эрэнэбин, — диэн Алексей Александров бэлиэтээтэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ итэринээт-дьиэҕэ 200-тэн тахса киһи үлэлиир, бары улуустартан кэлбит, көрүүгэ-истиигэ наадыйар 376 киһи олорор.
— Үһүс куорпуска мастарыскыайдар баар буолуохтара. Дьоммут иллэҥ кэмнэригэр таах олорбокко, кыахтарын иһинэн үлэлээн, реабилитацияны ааһыахтара. Ону тэҥэ, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ аналлаах хостор, таҥас сууйар сир, спортивнай саала баар буолуохтара, — диэн интэринээт-дьиэ дириэктэрэ Афанасий Петров кэпсиир.
Миниистири солбуйааччы Өлүөхүмэҕэ кэлэн, улуус дьаһалтатын, социальнай управление үлэһиттэрин кытары көрүстэ. Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор социальнай-реабилитационнай кииннэригэр, Инбэлииттэри кэлим реабилиатциялааһын киинигэр сырытта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: