Өлүөхүмэҕэ муус куттала суох ааһар
Өлүөхүмэ улууһугар Өлүөхүмэ, Чаара уонна Тээнэ өрүстэргэ муус салгыы устар.
Улуус баһылыга Николай Харбин бэйэтин ТГ-ханаалыгар иһитиннэрбитинэн, муус куттала суох ааһар. Куду-Күөл сэлиэнньэтин аттыгар турар гидропостка 1700 см муҥутуур бэлиэтээһинтэн уу таһыма 870 см кэриҥэ. Постан үөһэ кыра харыы тахсыбыта бэлиэтэнэр. Оттон Дьиикимдэ гидропост аттынан Өлүөхүмэ өрүскэ 1488 см муҥутуур бэлиэтээһинтэн уу таһыма 472 см. Муус сэдэхтик устар.
Чаара өрүскэ Токо уонна Бэс Күөл нэһилиэктэр кыраныыссаларын чугаһыгар муус сэдэхтик барар, оттон Тээнэ өрүс биир учаастагар муус хойуутук устара бэлиэтэнэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, Өлүөнэ өрүскэ сууккаҕа муус 20 км устубут. Ленскэй таһыгар өрүс аһыллыыта ыам ыйын 8-9 күннэригэр күүтүллэр.
Муус хамсааһынын бу сигэҕэ https://ysia.ru/ice-drift-live/ киирэн кэтээн көрүөххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: