Өлүөхүмэҕэ национальнай бырайыагынан суол өрөмүөннэнэр
Ил Дархан Айсен Николаев Өлүөхүмэ улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр Өлүөхүмэ куорат Транзитнай уулуссатын өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтэ. Ил Дархан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан бара турар үлэ болдьоҕор бүтэригэр соруйда.
Транзитнай уулусса Өлүөхүмэ киин уулуссатынан уонна «Умнас»эрэгийиэннээҕи суол чааһынан буолар. Бырайыак быһыытынан манна 7,5 км уулуссаны өрөмүөннүөхтээхтэр: сиэмэн-бетон тэлгиэхтээхтэр, тротуар ууруохтаахтар, оптуобус тохтобулларын, павильоннары уларытыахтаахтар, ардах уутун лотуоктарын оҥоруохтаахтар. Манна «Дороги Олекмы» тэрилтэ бэдэрээттиир.
Тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Маковеев үлэ кыраапык быһыытынан баран иһэрин, уулусса 68% бэлэмин туһунан Ил Дархаҥҥа иһитиннэрдэ.
Өрөмүөн үлэтэ 2024 сылга түмүктэниэхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: