Салгыы
Өлүөхүмэҕэ нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас ойуур баһаардара тохтотулуннулар

Өлүөхүмэҕэ нэһилиэнньэлээх пууннартан чугас ойуур баһаардара тохтотулуннулар

Ааптар:
18.07.2024, 15:45
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ улууһугар зондировщик-сөмөлүөт көмөтүнэн, искусственнай ардаҕы ыҥыран, хас да ойуур баһаара умуруорулунна.

Ойуур баһаарын бохсууга баһаарынайдар уонна олохтоохтор үлэлэһэллэр. Бу туһунан оройуон баһылыга Николай Харбин иһитиннэрдэ. Ол иһигэр улууска саамай уустук быһыы- майгы бэлмэтэммит Таатта нэһилиэгин ааттыгар ойуур баһаара тохтотулунна. Манна хойуу буруоттан бөртөлүөттэр баһаар миэстэтигэр түһэр кыахтара суоҕа. Ардах кэнниттэн балаһыанньа тубуста, бүгүн авиациянан манна эбии баһаарынайдары аҕалыахтара. Ону кытта баһаарынайдар уонна олохтоохтор Бэс-Күөл аттыгар баар ойуур баһаарын тохтоттулар. Билигин нэһилиэккэ куттал суох. Ону сэргэ Мача сэлиэнньэтигэр аттыгар баар уот тохтотулунна. Манна, Николай Харбин этэринэн, Иркутскай уобаластан кэмигэр уоту тохтотууга ылыныллыбыт дьаһаллар көмөлөстүлэр.

Санатан эттэххэ, бэҕэһээ Өлүөхүмэ улууһугар хоту  күүстээх, соҕуруу өттүгэр быстах ардах түһэн ааспыта. Ббылыт баар буоллаҕына зондировщик-сөмөлүөт эмиэ манна үлэлиэҕэ. Чэппиэргэ  салгын лабораторията хотугу улуустарынан үлэлиир.

Бары сонуннар
Салгыы
31 июля
  • 18°C
  • Ощущается: 18°Влажность: 82% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: