Хаартыска: СИА
Өлүөхүмэ улууһугар зондировщик-сөмөлүөт көмөтүнэн, искусственнай ардаҕы ыҥыран, хас да ойуур баһаара умуруорулунна.
Ойуур баһаарын бохсууга баһаарынайдар уонна олохтоохтор үлэлэһэллэр. Бу туһунан оройуон баһылыга Николай Харбин иһитиннэрдэ. Ол иһигэр улууска саамай уустук быһыы- майгы бэлмэтэммит Таатта нэһилиэгин ааттыгар ойуур баһаара тохтотулунна. Манна хойуу буруоттан бөртөлүөттэр баһаар миэстэтигэр түһэр кыахтара суоҕа. Ардах кэнниттэн балаһыанньа тубуста, бүгүн авиациянан манна эбии баһаарынайдары аҕалыахтара. Ону кытта баһаарынайдар уонна олохтоохтор Бэс-Күөл аттыгар баар ойуур баһаарын тохтоттулар. Билигин нэһилиэккэ куттал суох. Ону сэргэ Мача сэлиэнньэтигэр аттыгар баар уот тохтотулунна. Манна, Николай Харбин этэринэн, Иркутскай уобаластан кэмигэр уоту тохтотууга ылыныллыбыт дьаһаллар көмөлөстүлэр.
Санатан эттэххэ, бэҕэһээ Өлүөхүмэ улууһугар хоту күүстээх, соҕуруу өттүгэр быстах ардах түһэн ааспыта. Ббылыт баар буоллаҕына зондировщик-сөмөлүөт эмиэ манна үлэлиэҕэ. Чэппиэргэ салгын лабораторията хотугу улуустарынан үлэлиир.
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…