Өлүөхүмэ ойуур баһаарыттан улаханнык эмсэҕэлээбит улуустартан биирдэстэрэ.
Билигин даҕаны ойуур баһаара бүтүннүү умуруорулла илик. Ол эрээри балаһыанньа күүстээх ардахтар уонна уоту кытары охсуһааччылар көдьүүстээх үлэлэрин түмүгэр кыччаата. Бүгүн ол туһунан Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин иһитиннэрдэ:
— Биһиги уоту кытары охсуһааччыларбыт, ону тэҥэ олохтоох нэһилиэнньэбит уонна нэһилиэктэрбит баһылыктарын сөптөөх үлэлэрин түмүгэр улууспут соҕуруу өттүгэр турбут ойуур баһаардарын балаһыанньата туруктаах буолла. Ол эрээри улуус хоту өттүгэр уустук балаһыанньалаахпыт. Дабаан нэһилиэгин таһыгар турбут 60 №-дээх баһаары утары күүстээх үлэ барда. Дабаан диэки өттүгэр Кочегарово сэлиэнньэтиттэн утары уоту ыытаммыт куттал суоһаабат буолла. Баһаар мастар үрдүлэринэн Чэрэндэй үрэх устун хотугулуу-арҕаа баран испитэ. Олох соторутааҕыта онно «Авиалесоохрана» тэрилтэ болотохода тиийбитэ. Ити курдук хотугулуу-арҕаа күүһү-күдэҕи улаатыннаран ойуур баһаара бохсулунна. Итини таһынан Балаҕаннаах таһыгар турбут 69 №-дээх баһаар болҕомтоҕо тутуллар. Төһө даҕаны нэһилиэнньэлээх пуунтан ыраах соҕус турдар, баһаары умуруоруу күүскэ барар. Баһаарынайдар минерализацияламмыт балаһалары оҥорорго бары күүһү түмэллэр. Бэҕэһээ аны Абаҕа сиригэр 101 №-дээх саҥа баһаар бэлиэтэннэ. Ону таһынан экэниэмикэ эбийиэктэрин таһынааҕы баһаардары умуруоруу үлэтэ барар. Ол курдук НПС-13 аттыгар 95 №-дээх баһаар баар. Манна биһиги Экология министиэристибэтин кытары уоту кытары охсуһааччылары тыатааҕыттан көмүскүүргэ булчуттары көрөллөрүгэр сүбэлэстибит.
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…