Өлүөхүмэҕэ саҥа хочуолунай тутулунна

Өлүөхүмэҕэ саҥа хочуолунай тутулунна

06.03.2024, 18:10
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 6 күнүгэр Өлүөхүмэ куоракка ОДьКХ тэрилтэтин саҥа эбийиэгэ аһылынна. Бу 4,6 МВт кыамталаах «ОПНДИ-2» хочуолунай кытаанах уматыгынан үлэлиир. Тэрилтэ инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн тутулунна.

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Хочуолунай 200 миэстэлээх Өлүөхүмэтээҕи кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин сылытар. Саха сирин биир кырдьаҕас социальнай тэрилтэтэ 2023 сыллаахха саҥа дьиэлэммитэ. Саҥа дьиэни дойду Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыак «Аҕам саастаах көлүөнэ» федеральнай бырайыак үбүнэн тутуллубута.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Николай Харбин, ОДьКХ тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы  Дмитрий Антонов,  производственнай филиал дириэктэрэ Сергей Солдатов, муниципальнай тэриллии, үөрэх, социальнай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

2012 сылтан ОДьКХ тэрилтэ инвестиционнай бырагырааматынан уопсайа 25 МВт кыамталаах 4 хочуолунай, ууну ыраастыыр ыстаансыйа уонна линейнэй эбийиэктэр тутуллубуттара.

ОДьКХ тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев эппитинэн, Өлүөхүмэ улууһугар хомунаалынай инфраструктураны саҥардыыта салҕанар. 2024-2025 сылларга Өлүөхүмэ куоракка уонна Үҥкүр сэлиэнньэтигэр хочуолунайдары гааска көһөрүү, сылытыы ситимнэрин тутуу үлэтэ салҕаныаҕа.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: