Росгидромет «Метео» Як-40 зондировщик салгын аалын бэҕэһээҥҥи үлэтин түмүгүнэн, сөҥүү Өлүөхүмэ улууһугар барытыгар кэриэтэ түстэ.
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.
«Улуус хоту өттүгэр ардах биллэ түстэ, соҕуруу диэки улахана суох. Чапаево таһыгар ойуур баһаара умуруорулунна. Тээнэ чугаһыгар баар баһаарга эмиэ ардах түстэ. Ону ситэри умуруора РФ ЫБМ Ми-8 бөртөлүөтүнэн 12 баһаарынай тиийдэ. Хороҕо, Дабааҥҥа, Кочегаровоҕа ардахтар түстүлэр«, — диэн бэлиэтиир кини.
Улуустар салалталара ардаҕы түһэриини өссө көрдөһөллөр диэн кини этэр. Былыт хайдаҕыттан көрөн салгын аала онно төннөн тиийиэ диэн эттэ.
Күүстээх ардахтар Нерюнгрига, Мииринэйгэ, ону сэргэ Алдаҥҥа эмиэ бэлиэтэммиттэрэ, онно Кутана сэлиэнньэтин таһыгар улахан баһаар умуруоруллубута. Ленскэйгэ эмиэ сөҥүү түһэрэ бэлиэтэммитэ.
Бүгүн «Метео» Як-40 Бүлүүгэ үлэлээтэ, онно эмиэ ардаата. Оттон ойуур баһаарынан уустук балаһыанньалаах Үөһээ Бүлүүгэ сөҥүү түспэтэ. Онон РФ ЫБМ Бе-200 амфибия-салгын аалын ыытары былаанныыллар.
Хоту сөҥүү кэмчи, ол иһигэр аттыгар ойуур баһаара буола турар Белай Гораҕа. Сарсын онно «Полярные авиалинии» авиахампаанньа «Атмосфера» Ан-26 зондировщик-салгын аалын көтүтэргэ былаанныыллар. Абый улууһун таһынан, салгын аала Дьааҥы оройуонугар эмиэ үлэлиэ.
От ыйын 17 күнүгэр киэһээҥҥи иһитиннэриинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 156 ойуур баһаара уонна 2 ландшафтнай баһаар бэлиэтэнэр. Суукка саҕаланыаҕыттан 16 ойуур баһаара умуруоруллубут. Оттон саҥа баһаар (икки ойуур, биир ландшафтнай) булуллубут.
Ойуур уотун умуруорууга 1823 киһи, 154 тиэхиньикэ, авиация үлэлииллэр. 15 борт ботурууллуур, тоҕус ойуур уотун умуруорууга сылдьар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…