Өлүөхүмэҕэ Степан Идельгин туһунан кинигэни сүрэхтээтилэр
Алтынньы 18 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи сэлиэнньэтигэр дьоһун тэрээһин буолан ааста — «Степан Идельгин. Да вернется имя твое» кинигэ сүрэхтэннэ.
Үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ элбэх бочуоттаах ыалдьыт уонна литератураны таптааччылар кытыннылар.
Ыҥырыллыбыт ыалдьыттар ортолоругар бэтэрээн учууталлар, Өлүөхүмэ улууһун үөрэхтээһиҥҥэ управлениетын начаалынньыга Андрей Вячеславович Солдатов, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Оксана Николаевна Саввинова уонна улуустааҕы Киин бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ Нина Яковлевна Дехтяр бааллар. Ыалдьыттар бары кинигэ сүрэхтэниитэ үрдүк таһымнаахтык ааспытын бэлиэтээтилэр уонна кинигэ ис хоһоонун билсэр кыаҕы биэрбиттэригэр махтаннылар.
Биэчэр сүрүн ыалдьыта — кинигэни хомуйан оҥорбут ааптар, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт уонна кыраайы үөрэтээччи Александр Николаевич Филиппов.
Александр Николаевич кинигэни бэлэмнээһин уонна сиэнэ Ева Филатованы кытары үлэ уратытын кэпсээтэ. Кинигэҕэ Степан Идельгин олоҕун уонна уопсастыбаннай үлэтин, аһымал санааланыыга үлэтин, кини төрүттэрин уонна удьуорун туһунан элбэх иһитиннэрии киирбит. Кинигэни таһаарааччылар биһиги уһулуччулааах биир дойдулаахпыт -– ситиһиилээх урбаанньыт уонна дьэллэм меценат бүтүн уобараһын кыайа-хото туппуттар.
Ураты болҕомтону Өлүөхүмэтээҕи кыраайы үөрэтэр мусуой биэрбит Ерофей Ересько хаартыскалара ыллылар. Бу хаартыскалар ХIХ үйэҕэ Өлүөхүмэ уокурун күннээҕи олоҕун билсэргэ уонна оччотооҕу кэм тыынын ыларга көмөлөһөллөр.
Биһиги бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махталбытын тириэрдэбит. Оскуола кэлэктиибэ ураты махталын үөрэнээччилэргэ, учууталларга, «Тугутчаан» 17 нүөмэрдээх уһуйаан үлэһиттэригэр уонна оҕо ускуустубатын Өлүөхүмэтээҕи оскуолатыгар аныыр.
Тэрээһин кыттыылаахтарыттан интервью ыллыбыт.
Александр Николаевич Филиппов, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт уоннаа кыраайы үөрэтээччи:
-Александр Николаевич, маннык кинигэни суруйар санаа хайдах кэлбитэй?
– Бастатан туран, С.И.Идельгин аатынан I Нөөрүктээйи орто оскуолатын кэлэктиибигэр олус үчүгэй биэчэри ыыппыттарын уонна ыалдьыт быһыытынан ыҥырбыттарын иһин махтанабын.
Бу кинигэни суруйар санаа киирбитэ ыраатта. Күүстээх хамаанданы хомуйан, нэһилиэк устуоруйатын үөрэтэн уонна кинигэ таһааран бараммын, биһиги сэлиэнньэбит биллэр-көстөр дьонун туһунан кинигэни таһаарыыны көҕүлүүргэ быһаарыммытым. Биһиги сэлиэнньэбитигэр норуотугар сулууспалаабыт уонна элбэх улахан дьыаланы оҥорбут олус ытыктабыллаах Степан Иванович Идельгин олорбута.
-Тиэмэни чинчийэргэ хайдах үлэлээбиккиний?
– Бу кинигэни суруйарбар судаарыстыбаннай архыыптан чахчылары, С.И.Идельгин 5-с көлүөнэтиттэн, сиэннэриттэн уонна араас хаһыаттартан, ыстатыйалартан иһитиннэриилэри хомуйбутум.
-Кинигэни оҥороргор төһө бириэмэ барда?
– Биһиги кинигэбитигэр бэлэмниирбитигэр түөртэн тахса сыл барда, олус элбэх бириэмэни, күүспүтүн биэрдибит. Иһитиннэриилэри, чахчылары хомуйарга элбэх дьону кытары үлэлээтим.
-Биһиги ааҕааччыларбытыгар кинигэ сүрүн тиэмэтин кэпсиэҥ дуо?
– Мин биһиги биир дойдулаахтарбыт С.И.Идельгин курдук үтүө санаалаах киһи туһунан билэллэрин уонна умнубаттарын туһугар кини олоҕун туһунан кэпсиэхпин баҕарбытым. Матырыйааллары хомуйа сылдьан элбэх токурутуу баарын билбитим, бэл, төрөөбүт сылын бутуйбуттар этэ. Ордук сыаналаах иһитиннэриинэн Идельгин төрдө-ууһа уонна сэдэх хаартыскалар буолаллар. Ол курдук, саамай чахчылаах сибидиэнньэлэр кинигэ бастакы уонна үһүс түһүмэхтэригэр киллэрилиннилэр. Инникитин, эдэр көлүөнэ матырыйааллары өссө сиһилии үөрэтэн уонна мин кинигэбэр олоҕуран, салгыытын суруйуоҕа.
– Түмүккэ кинигэни эрэдээксийэлээбит Дарья Викторовна Тимофееваҕа улахан махталбын тириэрдэбин.
Нина Яковлевна Дехтяр, улуустааҕы Киин бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ
-Нина Яковлевна, «Степан Идельгин. Да вернется имя твоё?» кинигэ сүрэхтэнэрин хайдах билбиккиний?
-Миэхэ бибилэтиэкэр Оксана Ивановна эрийэн ыҥырбыта, онтон Феоктиста Сергеевна ыҥырыы суругу аҕалбыта, онон мин үөрэ-көтө кэлбитим.
—Кинигэни ааҕыаҥ иннинэ тугу күүппүккүнүй?
-Бу кинигэ миэхэ, бибилэтиэкэр киһиэхэ, олус кэрэхсэбиллээх. Кинигэ баар чахчыларга уонна архыып матырыйаалларыгар олоҕуран суруллубута кэрэхсэтэр. Кырдьыктыы баар чахчылар биһиги олохпутугар улахан оруоллаахтар уонна ону ааҕааччыларбытыгар тириэрдэргэ кыһаллабыт.
-Эн санааҕар, кинигэ сүрэхтэниитэ хайдах ааста?
– Барыта тып-тап курдук, түргэнник ааста, бүтэн хаалбытыттан соһуйдум. Мин манна кэпсэтии тыйаатыр туруорууларынан доҕуһуолламмытыттан астынным. Ылларан олорон иһиттим уонна көрдүм. Сүрэхтэнии бүтүүтэ биһигини минньигэс астаах итии чэйгэ ыҥырдылар.
-Кинигэ ааҕааччыга ханнык сыаннастары иҥэриэҕэй?
-Ааҕааччылар төһө да С.И.Идельгины кытары хаһан да билсибэтэхтэрин иһин, кинилэр кинигэни ааҕан, төрөөбүт кыраайдарын туһунан билиэхтэрэ.
Оксана Николаевна Саввинова, Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтатын баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы:
-Степан Иванович Идельгин туһунан кинигэни таһаарыы, биллэн турар, үбүлүөйдээх күнү-дьылы ситимнээх -– 2023 сыл биһиги улууспутугар меценат аатын кытары ситимнэммитэ. Александр Николаевич сиэнэ Ева Филатовалыын этии киллэрэн, биһиэхэ кэлбиттэрэ. Эрэдээксийэҕэ үлэлиир биир идэлээхтэрбит бары мустан, кинигэҕэ ханнык түһүмэхтэр киириэхтэрин сөбүн дьүүллэспиппит. Түмүккэ биһиги биллэр-көстөр биир дойдулаахпыт биографиятын, кини олоҕун устуоруйатын уонна архыыпка хомуллубут матырыйааллары киллэрэр туһунан биир санааҕа кэлбиппит.
Биһиги улууспутугар олорбут уонна үлэлээбит биллиилээх киһи туһунан эдэр көлүөнэ билиэхтээх.
Биһиги кинигэ хайыы үйэ күн сирин көрбүтүттэн уонна Өлүөхүмэбит улууһун устуоруйатын элбэх киһи билэриттэн үөрэбит. Кинигэни таһаарыыга үлэлээбит дьоҥҥо барыларыгар махтанабын.
-Сүрэхтэниигэ эппиттэринэн, кинигэ 160 эрэ ахсаанынан тахсыбыт, ол, биллэн турар, биһиги улууспутугар аҕыйах. Өссө элбэх ахсаанынан таһаарар кыах баар дуо?
-Мин тус бэйэм ааппыттан этэр кыаҕым суох, ол гынан баран, мин тириэрдиэм уонна сөптөөх быһаарыыны ылыныахпыт дии саныыбын. Электроннай көрүҥүнэн эбэтэр кинигэни хос таһаарыахха сөп.
8-с кылаас үөрэнээччитэ Лелеанна ПЕРПИСОВА уонна оскуола медиа-киинин салайааччы Анастасия ХАСТАЕВА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: