Өлүөхүмэҕэ суолу тутуу инфраструктура сайдыытын биир сүрүн хайсхата
21.10.2024, 17:04
Хаартыска Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтатыттан
Бөлөххө киир:
Бүгүн Өлүөхүмэ улууһугар Өлүөхүмэ куоратын устун ааһар өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах суол өрөмүөнэ ыытыллар. Суолу бетоннааһын, уу ылар ханаалларын, оптуобус тохтобулларын тупсарыы, бордюрдары, тротуардары уонна уулуссалары сырдатыы үлэтэ барар.
«Даппарай – Токко» хайысхатынан улуустааҕы суолталаах айан суолун тутуутун бүтэһик түһүмэҕэ, ону тэҥэ «Солянка – Балаҕаннаах» хайысхатынан тыраасса тутуута бара турар.
«Суол үлэһиттэрин үлэлэрэ дьон далыгар сылдьар, онон холкутуйар, налыйар кыаҕы биэрбэт. Кыһыннары-сайыннары, күн-дьыл ханнык баҕарар усулуобуйатыгар суолу көрө-истэ, оҥоро сылдьар наада – итинтэн дьон олоҕо, доруобуйата улахан тутулуктаах», — диэн Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Никоалй Харбин санаатын үллэстэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: