Өлүөхүмэлэр байыастарга сыҕарыйа сылдьар лабаратыарыйаны тириэртилэр (ВИДЕО)

Өлүөхүмэлэр байыастарга сыҕарыйа сылдьар лабаратыарыйаны тириэртилэр (ВИДЕО)

05.02.2024, 11:18
Хаартыска: Өлүөхүмэ улууһун волонтердарын телеграм ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Былырыын биһиги чуҥнааччыларбытыттан хонууга суһаллык FPV-дроннары өрөмүөннүүр уонна инженернэй-сапернай үлэлэргэ бэлэмнэнэр сыҕарыйар лабаратыарыйаны тэрийэр туһунан этии киирбитэ. Бу этиини Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Николаевич Харбин тута өйөөбүтэ итиэннэ туохтан даҕаны туора турбат дьоммут көмөлөрүнэн “Сыҕарыйар лабаратыарыйа” олоххо киирдэ! Бу туһунан Өлүөхүмэ улууһун волонтердарын киинэ ТГ-ханаалыгар суруйар. 

Биһиги буойун уолаттарбыт аатыттан махтал тылларын тириэрдэбит:

— ГАЗ-66 массыынаны биэрбит Өлүөхүмэ улууһун Чапаево нэһилиэгиттэн Ранохом Хасанбаевна Власова дьиэ кэргэнигэр;

— буойун уолларын Михаил Андреев сырдык кэриэһигэр анаан аһымал кэнсиэри көҕүлээн ыыппыт Константин Филиппович Анисимов уонна Жанна Халитовна Музофарова дьиэ кэргэҥҥэ. Кэнсиэртэн киирбит үп ирдэнэр тэрили уонна лабаратыарыйаны хааччыйарга туһанылынна.

Хаартыска: Өлүөхүмэ улууһун волонтердарын телеграм ханаалыттан.

Ону тэҥэ, массыынаны өрөмүөннүүргэ кылааттарын киллэрсибит дьоҥҥо махталбытын биллэрэбит:

— Узоров Михаил Ивановичка, «Теплотехника» ХЭУо,

— Несмелов Иван Александровичка, Мамонтов Владимир Владиленовичка, «УК «Комфорт» ХЭУо,

— Маковеев Дмитрий Юрьевичка, «Дороги Олекмы» ХЭУо,

— Стручков Алексей Олеговичка, «ZXClub» маҕаһыын,

— Осипов Дьулустан Акимовичка, «КСК Лидер» ХЭУо,

— Варданян Тигран Робертовичка, урбаанньыт,

— Гребнев Игорь Николаевичка, урбаанньыт,

— Андреев Юрий Васильевичка, «Тройка» маҕаһыын,

— Попов Семен Егоровичка, «Купец» маҕаһыын,

— Алексеев Василий Васильевичка, Улахан Муҥку сэлиэнньэтэ.

Бу курдук тыыллаах ыам ыйын 9 күнэ чугаһыыр!

Өлүөхүмэ улууһун волонтердарын телеграм ханаалыгар тахсыбыт видеоны көрүҥ.

+1
6
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: