Өлүөхүмэлэр байыаннай сулууспалаахтарга көмөнү хас да хайысханан оҥороллор

Share

Өлүөхүмэ куоратын баһылыга Сергей Щебляков куораттан байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан барбыт биир дойдулаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл, көмө уонна уоппускаҕа кэлэр буойуттарын кытта көрсүһүүлэр тустарынан хаһыат саайтыгар анаан кэпсээтэ.

Анастасия Давыдова хаартыската

—  Куорат дьаһалтата байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл кэккэ дьаһалларын ылынан, хас да хайысханан көмөнү тэрийэн, үлэлиир. Бу кэмнэргэ сотору байыаннай эпэрээссийэҕэ сырдык тыынын биэрбит биир дойдулаахпыт дьиэтин өрөмүөнүгэр көмөлөһөр былааннаахпыт. «Гармония» култуура киинин үлэһиттэрин күүһүнэн туруоруллубут «Жди меня» аһымал испэктээктэн киирбит 184 тыһыынча солкуобай дьиэ өрөмүөнүгэр барыаҕа. Манна даҕатан эттэххэ, куорат дьаһалтатын уонна «Гармония» култуура киинин үлэһиттэрин күүһүнэн аһымал кэнсиэртэр, испэктээктэр утумнаахтык ыытыллаллар. Онтон киирэр үп байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөҕө тиксэриллэ турар. Буойуттар дьиэ кэргэттэригэр көмө уҕараабат, уокка оттор маһы хайытан саһааннааһын, тиэргэнтэн хаар таһыыта, онтон да атын олох-дьаһах кыһалҕаларыгар көмөлөһүүгэ туора турааччы суох. Аһымал тэрээһиннэртэн киирбит үбүнэн волонтердар кииннэрэ түүн хараҥаҕа көрөр 10 монокуляры уонна 20 радиостанцияны ылан байыаннай сулууспалаахтарга ыыппыта. Уоппускаҕа кэлэр буойуттарбытын кытта тэрээһиннээх көрсүһүүлэр нэһилиэнньэ кыттыылаах буолаллар. Истиҥ быһыыга-майгыга ыытыллар маннык көрсүһүүлэр кэмнэригэр буойуттарбытыгар үгэс курдук куорат дьаһалтатын уонна олохтоохторун ааттарыттан 10 000 солкуобайдаах сертификаттар, «Гармония» култуура кииниттэн харысхал уонна доҕор буоллун диэн хомус туттарыллар.
Биһиги, Өлүөхүмэ куоратын олохтоохторо, уолаттар байыаннай эпэрээссийэттэн кыайыы-хотуу аргыстаах тапталлаах дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

53 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

2 часа ago