Өлүөхүмэлэр Иван Кульбертинов уулуссатыгар субуотунньуктаатылар
Бэҕэһээ Дьокуускай куоракка олорор Өлүөхүмэ улууһун “Түмсүү” биир дойдулаахтар сомоҕо түмсүүлэрэ, Улуу Кыайыы 78 сыллаах өрөгөйдөөх бырааһынньыгар анаан, Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахпыт Иван Кульбертинов уулуссатыгар субуотунньук тэрийдибит.
Бу күн анаабыт курдук халлаан да туран биэрдэ, сарсыардаттан сардаҥалаах чаҕылыйбыт күнүнэн мичээрдии көрүстэ… Ол буолар — дьоллоох уонна эйэлээх олох, ыраас таптал, ыраас дууһа…
Биһиги уонна эдэр көлүөнэ кыайыыны уһансыбыт бэтэрээн дьоммутугар киэн тутта сүгүрүйүөхтээхпит.
Улуу Кыайыы күнүгэр аналлаах ААХСЫЙА-СУБУОТУННЬУК олус бэркэ уонна туһалаахтык ааста. Уопсайа, 25 куул бөҕү хомуйдубут.
Биир сомоҕо буолан күүс-көмө буолбут эдэр эрчимнээх ыччаттарбытыгар улахан махталбытын тириэрдэбит, доруобуйаны, үлэҕэ, үөрэххэ үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Өлүөхүмэ улууһун «Түмсүү» биир дойдулаахтар түмсүүтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: