Өлүөхүмэлэр муус барыытыгар бэлэмнэнэллэр
Халлаан сылыйан мантан инньэ муус барыытыгар, баһаар кутталлаах кэминээҕи үлэҕэ бэлэмнэнии күүскэ ыытыллар. Бу икки боппуруоһунан Өлүөхүмэ улууһугар суһал ыстаап мунньаҕа буолан ааста.
Ыстаап үлэтин хаамыытынан нэһилиэктэр баһылыктарын, Якутлесресурс, Авиалесоохрана филиалларын, ону тэҥэ, тэрилтэлэр салайааччыларын иһитиннэриилэрин истибиттэр.
Улуус баһылыга Николай Харбин: “Ыстаап чилиэннэрэ иһитиннэрбиттэринэн, улууска Өлүөнэ өрүскэ Маячнай арыы, Кыыллаах, Тээнэ сэлиэнньэлэрин, Өлүөхүмэ куорат аттынан уонна Олоохуна төрдүгэр барыта 64 га тахса иэннээх сиргэ мууһу кэбирэтэн, сэрэтэр үлэлэр ыытыллыбыттар.
Баһаар кутталлаах кэмигэр бэлэмнэнии эмиэ былаан быһыытынан баран иһэр. Ойуур баһаарыгар үлэлиир дьон бары Дьокуускай куоракка бэлэмнэниини ааспыттар, туох баар тэрилинэн хааччыллан тураллар. Улууһу үөһэттэн кэтээн көрөргө анаан, быйыл иккис лүөччүк кэлэрэ былааннанар.
Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтатыгар материальнай тэрил баар: уматык, мотопомпа, бэнсиининэн үлэлиир эрбии, утуйар мөһөөччүк, балаакка, тута сылдьар рация, спутник төлөпүөнэ, сүгэ сылдьан баһаары умулларар тэрил уо.д.а.”, — диэн тус телеграм-ханаалыгар суруйар.
Олохтоохтор муус, баһаар кутталлаах кэмэ этэҥҥэ аастар ханнык диэн эрэнэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: