Өлүөхүмэлэр муус барыытыгар бэлэмнэнэллэр

Share

Халлаан сылыйан мантан инньэ муус барыытыгар, баһаар кутталлаах кэминээҕи үлэҕэ бэлэмнэнии күүскэ ыытыллар. Бу икки боппуруоһунан Өлүөхүмэ улууһугар суһал ыстаап мунньаҕа буолан ааста.

Ыстаап үлэтин хаамыытынан нэһилиэктэр баһылыктарын, Якутлесресурс, Авиалесоохрана филиалларын, ону тэҥэ, тэрилтэлэр салайааччыларын  иһитиннэриилэрин истибиттэр.

Улуус баһылыга Николай Харбин: “Ыстаап чилиэннэрэ иһитиннэрбиттэринэн, улууска Өлүөнэ өрүскэ Маячнай арыы, Кыыллаах, Тээнэ сэлиэнньэлэрин, Өлүөхүмэ куорат аттынан уонна Олоохуна төрдүгэр барыта 64 га тахса иэннээх сиргэ мууһу кэбирэтэн, сэрэтэр үлэлэр ыытыллыбыттар.

Баһаар кутталлаах кэмигэр бэлэмнэнии эмиэ былаан быһыытынан баран иһэр. Ойуур баһаарыгар үлэлиир дьон бары Дьокуускай куоракка бэлэмнэниини ааспыттар, туох баар тэрилинэн хааччыллан тураллар. Улууһу үөһэттэн кэтээн көрөргө анаан, быйыл иккис лүөччүк кэлэрэ былааннанар.

Өлүөхүмэ улууһун дьаһалтатыгар материальнай тэрил баар:  уматык, мотопомпа, бэнсиининэн үлэлиир эрбии, утуйар мөһөөччүк, балаакка, тута сылдьар рация, спутник төлөпүөнэ, сүгэ сылдьан баһаары умулларар тэрил уо.д.а.”, — диэн тус телеграм-ханаалыгар суруйар.

Олохтоохтор муус, баһаар кутталлаах кэмэ этэҥҥэ аастар ханнык диэн эрэнэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

7 часов ago