Ыам ыйын саҥатыгар бырааһынньыктар иннилэригэр Өлүөхүмэтээҕи Оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Павел Харбин уонна боксаҕа тириэньэрэ Дмитрий Максимов байыаннай эпэрээссийэ сиригэр волонтерунан үлэлии барбыттара.
«Кинилэр баралларыгар Өлүөхүмэ улууһуттан хомуйуллубут 100 киилэ гуманитарнай таһаҕаһы буойуттарбытыгар диэн илдьэ барбыттара. Ростова-на-Дону куоракка диэри сөмөлүөтүнэн, онтон пуойаһынан айаннаан тиийбиттэрэ. Кыраныысса аттыгар өрөспүүбүлүкэ тирэх пууннара үлэлииллэр. Онно Саха сириттэн буойуттарга көмөҕө анаан хомуйуллубут туох баар гуманитарнай көмө тиэрдиллэр. Саллааттарга чугас дьонноруттан баһыылкалар, өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэриттэн, волонтердарыттан хомуллубут эмп-томп, ас бородууктата, бронежилеттэр, араас көмө кэлэ турар…», — диэн Өлүөхүмэ улууһун хаһыата суруйар.
Бу туһунан биһиги саайтпытыгар Павел Харбин бу курдук кэпсиир.
— Тирэх пууҥҥа тиийэрбитигэр онно хоту улуустартан, Амматтан, Ньурбаттан, Сунтаартан, Нерюнгриттан волонтердар үлэлии сылдьаллара. Сотору кэминэн биһиэхэ Өлүөхүмэ куоратыттан Алексей көмөҕө кэлбитэ. Туох да наһаа улахан ыскылаат, онно түүннэри-күнүстэри үлэ тохтообот, сорохтор таһаҕас аҕалаллар, атыттар илдьэллэр.
Биһигини онно түһэрбиттэрэ даҕаны, биһиги куруук айан-сырыы, кэлии-барыы үрдүгэр сылдьыбыппыт. Пуун салалтата хас сарсыарда аайы ыксаллаах быһыы-майгы хайдаҕыттан көрөн, ханнык хайысхаларынан таһаҕастары тиэрдиини былаанныыр.
Ол кэннэ хайа сиргэ туохха наадыйыы баарынан көрөн таһаҕаһы тиэнии үлэтэ барар – уонна эмиэ айан. Билигин инники кирбиигэ сылдьар уоллаттар олохторун көмүскүүр кыахтаах сыалы табарга үрдүк туочунастаах тэрилгэ саамай наадыйаллар. Аныгы кэм маннык киирсиилэригэр квадрокоптердар, түүн көрүүгэ көмөлөөх прибордар, коллиматордар, тепловизордар, антидроннар уо.д.а. олус наадалар.
Биһиги өлүөхүмэлэр хомуйбут харчыларыгар атыылаһыллыбыт байыаннай суолталаах тэрили, тус аадырыстаах баһыылкалары, хаһыаттары, улууспут уонна өрөспүүбүлүкэбит ыыппыт гуманитарнай көмөтүн буойуттарбытыгар илдьэн туттардыбыт. Уолаттарбыт Кыайыы күнүнэн Ил Дархантан «Саха сирэ – Кыайыы туһугар!» диэн суруктаах, сахалыы астаах-үөллээх хоруопкалары тутаннар үөрдүлэр-көттүлэр. Онно баар бородуукта нобуоругар Саха сиригэр оҥоһуллубут тушенка, собо миинэ буолар соҕотуопка, барыанньа, чэй, сакалаат уо.д.а. барыта сибиэһэй уонна минньигэс ас этэ.
Биир ый устатыгар биһиги инники кирбии бары хайысхаларынан барытынан айаннаан сырыттыбыт. Ханна барытыгар сылдьарбыт тухары Уһук Илинтэн, Камчаткаттан саллааттары, ону сэргэ бүрээттэри, тывалары, татаардары элбэхтэ көрүстүбүт. Онно хайдах курдук уустугун уонна ыараханын уу харахпытынан илэ көрдүбүт.
Биһиги сорукпут диэн төһө кыалларынан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар бары өлүөхүмэлэри кытта көрсүһүү этэ. Хомойуох иһин, барытыгар тиийэн көрсөн кыаллыбата да буоллар, дьиэлэриттэн, дьонноруттан сонуну-нуомаһы туппут буойун үөрбүт, дьолломмут сирэйиттэн ордук күндү суох дии саныыбын. Кинилэргэ биһиги Ийэ дойдуларын кыракый сорҕотуттан илдьэн бэрсибит, дьоллообут курдук буолла. Биллэн турар, бары үөрэллэр, махтаналлар, ыйыталаһаллар, улууска, куоракка туох саҥа сонун баар диэн, дьоммут хайдах олороллор диэн… Төһө да дойдуларын аҕынналлар, кыайыахпыт диэн бөҕөх санааларын ыһыктыбакка сылдьаллара көстөр. Эһэлэрин курдук, дойдубут кэскилин, куттала суох олоҕун туһугар хайаан да кыайыахпыт диэн эрэллээхтэр.
Саамай дьиибэтэ диэн онно биир ааттаах дэриэбинэ олус элбэх эбит – холобура, Николаевка уонна Федоровка диэн ааттаахтар 8-тыыга тиийэ бааллар. Бердянск диэн эмиэ тарҕаммыт аат эбит – 3 итинник ааттаах бөһүөлэк баарын аахпыппыт. Ол иһин ханнык оройуонун чуолкай ыйар хайаан да наада, бутуйуохха сөп. Байыаннай дьайыы кирбиитигэр биһиги тохсунньуга улуус дьаһалтатыттан бэриллибит «Патриот» массыынанан сырыттыбыт. Элбэхтэ өрөмүөннэммит эрээри, бэркэ сулууспалыы сылдьар диэн үөрэ санаатыбыт.
Ростовка тирэх пуун үлэһиттэрэ Олег, Вера, Екатерина уонна да атыттар улууспут баһылыгын Николай Харбины билэллэр, өлүөхүмэлэр тустарынан сылаастык ахталлар, көмөлөрүн сыаналыылларын эттилэр. Соторутааҕыта онно Өлүөхүмэ дьоно-сэргэтэ хомуйбут үптэринэн ылыллыбыт микро-оптуобуһу аҕалбыттара. Тырааныспар олус наада. Атын улуустар баһылыктара буойуттарын өйүү, көмөлөһө эмиэ кэлэ, билсэ тураллар.
Биһиги ити үлэбитинэн Запорожскай, Херсонскай уобаластарга, Донецкай уонна Луганскай өрөспүүбүлүкэлэргэ, элбэх куораттарга сырыттыбыт. Тоҕута буомбаламмыт, ытыаламмыт куораттары көрдөххүнэн, Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан киинэлэр тиллэн, көстөн кэлэллэр. Манныгы көрөр олус ыарахан. Эмискэ атын эйгэҕэ баар буолан хаалбыт турукка киирэҕин. Онно чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ бара тураллар, Арассыыйа бары эрэгийиэннэрэ көмөлөһө сылдьаллар.
Саха сириттэн сылдьарбытын иһиттэхтэринэ, ханна баҕарар этэллэр: «Сахалар – олох маладьыастар, бэйэлэрин дьоннорун бырахпаттар, көмөлөһөллөр. Суунар-тараанар тэрилтэн саҕалаан таҥаһыгар, наскытыгар, «Сокол» квадроциклларыгар тиийэ туох баарынан барытынан хааччыйаллар”. Истиэххэ үчүгэй.
Тирэх пууҥҥа икки уола байыаннай эпэрээссийэҕэ сулууспалыы сылдьар уоллаах Саха сириттэн сылдьар ийэ үлэлиир. Кини буойуттар ийэлэрэ дойду Бэрэсидьиэнин Владимир Путинныын Кремльгэ көрсүһүүлэригэр кыттыбыта. Манна кини пуун буойуттарыгар астарын бэлэмниир, таһаҕастары тутар, биэрэр үлэлээх. Кинини бука бары «тетя Марина» диэн ыҥыраллар.
Өрөспүүбүлүкэттэн гуманитарнай көмө Ростовтааҕы тирэх пууҥҥа күн ахсын кэлэ турар, байыаннайдарга туох наадатынан көрөн таһаҕаһы аҕалыы кээмэйэ, кыраапыга улаата турар. Биһиги ити сирдэринэн сылдьан, үлэлээн, барытын көрөн-истэн, Саха сирэ бэйэтин дьонугар кыһалларын, туох баарынан харыыта суох көмөлөһөрүн тус бэйэбитинэн биллибит. Этэргэ дылы, бары бииргэ – сүдү күүспүт!
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Саха сирэ "Патриотическай" ТОР федеральнай бырагыраама иитинэн 2024 сылга тиэхиньикэни тиэрдии былаанын толордо. Ол курдук,…
Нидерландыга 12 киһи улахан супермаркеттан тоҥ сугуну атыылаһан сиэн баран А гепатитынан ыалдьыбыт. Дойду уопсастыбаннай…
"Пушкин каартатын" көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар. "Пушкин каартата" култуура, дьиэ…
2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…