Өлүөнэ эбэ күнүнэн 10 улууска өрүс кытылын ыраастаатылар
Бүгүн Өлүөнэ эбэ күнүн чэрчитинэн уонна «Вода России» бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйанан киэҥ хабааннаах экологическай субуотунньук буолан ааста.
Дьокуускай куорат 202 түөлбэтигэр Өлүөнэ өрүһүнэн уу суолунан сырыы сүүс сылыгар анаммыт пааматынньык аттынан субуотунньук кыттыылаахтара тоҕуоруһа муһуннулар.
Субуотунньугу СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ, Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтата тэрийдилэр. Росприроднадзор, Росрыболовство, Национальнай баан, Сбербаан, «Ленарегионводхоз» филиала, уопсастыбаннас, о.д.а. кытыннылар.
Тэрээһин Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтатын отделын начаалынньыга Сахаайа Бурнашева салалтатынан флешмобтан саҕаланна.
Субуотунньук кыттыылаахтара сүргэлэрэ көтөҕүллэн, эттэрэ-хааннара чэбдигирэн баран өрүс кытылын ыраастыы туруннулар.
Кытылы ыраастааһыҥҥа 120-чэ киһи кытынна, түмүгэр уопсай күүһүнэн 130 куул бөх-сах хомулунна.
Тэрээһин түмүгэр саамай көхтөөх уонна саамай эдэр кыттааччыларга бириистэри туттардылар диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: