Өлүөнэ эбэҕэ аналлаах хоһоон күрэҕэ түмүктэннэ
Күөрдэмнээҕи «Ситим» култуура киинэ “Туойабын Элиэнэм эйигин” диэн хоһоон күрэҕин тэрийэн ыытта. Кэтэхтэн күрэх от ыйын 2 күнүн – үс үллэр сүүрүктээх иитиллэр Элиэнэ эбэ күнүн көрсө ыытылынна.
Күрэххэ уопсайа 16 хоһоонньут кытынна. Амма, Нам, Таатта, Бүлүү хоһоонньуттара Өлүөнэ эбэбит туһунан олус истиҥ-иһирэх тыллары суруйбуттар, таптал, махтал тыллары хотоҕостуу субуйбуттар. Күрэх сүрүн соругунан:
- — Төрөөбүт тыл нөҥүө төрүт түөлбэҕэ, төрөөбүт дойдуга махталы, тапталы тириэрдии;
- — Өлүөнэ эбэни уус-уран тылынан хоһуйуу;
- — Хоһоон тылын чочуйуу, айар талааннары арыйыы;
- — Хоһоону пропагандалааһын буолла.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Ирина Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээлэй — СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Тамара Лебедева — Покровскайдааҕы 2 №-дээх оскуола саха тылын учуутала, тылбаасчыт үлэлэстилэр.
Сүбэ маннык түмүгү оҥордо: I Үрдэл — Илья Васильев-Ылдьаа Хоточчу, Николай Тимофеев-Куола Тылгыны, II Үрдэл — Елизавета Попова-Бааттаах Кырата, Людмила Тарасова. III Үрдэл — Юлия Винокурова-Петрова, Надежда Лиханова-Чэмэлиинэ буоллулар. Дьүүллүүр сүбэ эр дьон хоһуйууларын ордук бэлиэтээтэ. Чочуллубут тыл-өс, аллитерация, уус-уран тэҥнэбиллэр табыгастаахтык туһаныллыбыттар.
Чочуонай тылларынан Элиэнэ эбэни хоһуйбут күрэх кыттааччыларыгар махталбытын тириэрдэбит. Иитиллэр эбэбит күрүлүү-харылыы аргыый уһуннун, нүөл уутунан хочолорун, быттыктары, быллаардары угуттуу турдун, дьол сайдыы үйэлээх тымыра!
Саргылана САЙЫН
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: