Өлүөнэ эбэҕэ аналлаах хоһоон күрэҕэ түмүктэннэ

Share

Күөрдэмнээҕи «Ситим» култуура киинэ  “Туойабын Элиэнэм эйигин” диэн хоһоон күрэҕин тэрийэн  ыытта. Кэтэхтэн күрэх от ыйын 2 күнүн – үс үллэр сүүрүктээх иитиллэр Элиэнэ эбэ күнүн көрсө ыытылынна.  

Күрэххэ уопсайа 16 хоһоонньут кытынна. Амма, Нам, Таатта, Бүлүү хоһоонньуттара Өлүөнэ эбэбит туһунан олус истиҥ-иһирэх тыллары суруйбуттар, таптал, махтал тыллары хотоҕостуу субуйбуттар.  Күрэх сүрүн соругунан:

  • — Төрөөбүт тыл нөҥүө төрүт түөлбэҕэ, төрөөбүт дойдуга махталы, тапталы тириэрдии;
  • — Өлүөнэ эбэни уус-уран тылынан хоһуйуу;
  • — Хоһоон тылын чочуйуу, айар талааннары арыйыы;
  • — Хоһоону  пропагандалааһын буолла.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Ирина Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээлэй —  СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,  Тамара Лебедева — Покровскайдааҕы 2 №-дээх оскуола  саха тылын учуутала, тылбаасчыт үлэлэстилэр.

Сүбэ маннык түмүгү оҥордо: I Үрдэл —   Илья Васильев-Ылдьаа Хоточчу, Николай Тимофеев-Куола Тылгыны, II Үрдэл —  Елизавета Попова-Бааттаах Кырата, Людмила Тарасова. III Үрдэл — Юлия Винокурова-Петрова, Надежда Лиханова-Чэмэлиинэ буоллулар. Дьүүллүүр сүбэ эр дьон хоһуйууларын ордук бэлиэтээтэ. Чочуллубут тыл-өс, аллитерация, уус-уран тэҥнэбиллэр табыгастаахтык туһаныллыбыттар.

Чочуонай тылларынан Элиэнэ эбэни хоһуйбут күрэх кыттааччыларыгар махталбытын тириэрдэбит. Иитиллэр эбэбит күрүлүү-харылыы аргыый уһуннун, нүөл уутунан хочолорун, быттыктары, быллаардары угуттуу турдун, дьол сайдыы үйэлээх тымыра!

Саргылана САЙЫН

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

8 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

11 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Дьиэ кэргэн туһунан хоһооннор

Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ааҕааччыбыт Анастасия Захарова ийэ, аҕа, оҕо, дьиэ кэргэн туһунан…

41 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Массыына «Хивуһу» кытта харсыспыт

Бэҕэһээ, сэтинньи 25 күнүгэр, Өлүөнэ өрүскэ Аллараа Бэстээххэ баар тимир суол вокзалын кэтэһэр пуунуттан  1200…

46 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэтинньи бүтүүтэ Саха сиригэр  күн-дьыл туруга уларыйа турар

“Саха сиригэр сэтинньи бүтүүтэ күн-дьыл туруга уларыйа сылдьыа  уонна халлаан  сылаас буолуоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Федерация Кубогар Уваровскай, Филиппов, Матаннанов киирсиэхтэрэ

Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр  национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно "Дыгын ооньууларын" сулустара…

2 часа ago