Өлүөнэ эбэҕэ ледокол арыаллыыр бастакы паром сырыыта саҕаланна
Бүгүҥҥү күнтэн Өлүөнэ эбэҕэ «Жатай-Төхтүр» маршрутунан ледокол арыаллыыр бастакы паром сырыыта саҕаланна, диэн YakutiaOpershtab ТГ-ханаала иһитиннэрэр.
Билиҥҥи кэмҥэ бастакы паром тырааныспарынан туоларын күүтэллэр, ол кэннэ бастакы сырыытын оҥоруо. Паромҥа таһаҕас тиэйэр массыыналартан ураты кыра тырааныспары таһыы эмиэ ыытыллар.
Паромнар туолууларыттан көрөн, рейстэри төгүрүк сууккаҕа үлэлэтэр былааннаахтар. Бу иннинэ кэтээн көрүүгэ бастакы рейс оҥоһуллубута.
Ону сэргэ уустук гидрологическай усулуобуйаҕа Дьокуускай – Аллараа Бэстээх — Дьокуускай маршрутунан паром үлэлиир. Бэҕэһээ ити хайысханан паромҥа кыра массыыналары таһыы түмүктэммитэ.
Итини сэргэ салгын олбохтоох суудуналарынан уонна салгыы аэроботтарга көһөрөн пассажирдары таһыы толоруллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: