Өлүөнэ өрүһүнэн таһаҕаһы туоратыы үлэтэ салҕанар
Билигин Жатай – Төхтүр хайысхатынан таһаҕаһы туоратыы бара турар диэн Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэрситибэтэ иһитиннэрэр.
Таһаҕа таһыы «Александр Ершов» (күнүс ОТ-2048 бааржанан солбуйуохтарын сөп) уонна «Жатай-1» бааржа-буксуурунан «ЛОРП» ААУо «Капитан Бабичев» ледоколун мууһу астаран оҥоһуллар.
Жатай бөһүөлэгин өттүттэн ыарахан уйуктаах 60-ча таһаҕаһы таһар массыына уочараттан турар, оттон Төхтүр массыына аҕыйах.
Күн устата паромнар хайдах туолалларынан, икки эргиир сырыы оҥоһуллара былааннанар. Буксуур-бааржаҕа 95-100 кыра массыына эбэтэр 25 таһаҕаһы тиэйэр улахан массыына киирэр кыахтаах.
Буксуур-бааржа үлэтэ Өлүөнэ өрүскэ күн-дьыл, балаһыанньа туругуттан тутулуктаах. Өрүскэ күн-дьыл туруга мөлтөөтөҕүнэ, буксуур-бааржа үлэтэ тохтуон сөп.
Сиһилии «ЛОРП» ААУо (4112) 40-80-09 (онно эбии 12-31) эбэтэр 8-914-104-29-71 нүөмэргэ эрийэн билсиэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: