Өлүөнэ өрүс хаар оҥоһуга гран-прины ылла
Новосибирскайга тохсунньу 4-8 күннэригэр Хаар оҥоһуктар XXV Сибиирдээҕи куонкурус-бэстибээллэрэ буолан ааста.
Бэстибээлгэ кытта Москваттан, Луганскайтан, Омскайтан, Дьокуускайтан, Павлодартан, атын да куораттартан уонна тас дойдулартан уон икки хамаанда кэлбит. Төһө да сымнаһыар күн-дьыл турдар, хамаандалар 3 м үрдүктээх хаар хомурахтан композицияны айан таһааралларын тохтоппото. Дьокуускайтан «Грань» хамаанда — Варфоломеев Афанасий, Симаков Валерий тиийэн кытыннылар. Сыл аайы куонкурус тиэмэтэ уларыйа турар, быйылгы тиэмэ “Арассыыйа өрүстэригэр” анаммыт. Тохсунньу 8 күнүгэр дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары биллэрдэ.
Куонкурус түмүгүнэн үһүс миэстэни «PROFIS_ART» Новосибирскай хамаандата ылла, иккис миэстэҕэ “Остров свободы” Омскай хамаандата таҕыста, бастакы миэстэ «Город 7 мостов» эмиэ Новосибирскай хамаандатыгар тигистэ.
Оттон бэстибээл гран-притын – Новосибирскай мэрин Максим Кудрявцев анал бирииһин Дьокуускайтан сылдьар “Грань” хамаанда “Лена – улахан өрүс” скульптуратынан ылла.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: