Өлүөнэ эбэ Иркутскай уобалаһын Жигалово уонна Качуг бөһүөлэктэрин аннынан эһиннэ.
Муус хамсааһына Жигалово бөһүөлэгэр — 50%, Качуг бөһүөлэгэр — 30%, оттон Киренскэй бөһүөлэгин таһыгар — 10%, муус хараарбыт. Бу туһунан Иркутскайдааҕы ЫБММ пресс-сулууспата суруйар.
Санаттахха, сүрүннээн муус хамсааһына быйыл холкутук ааһара билгэлэнэр. Муус халыҥа ортотунан урукку сылларга кээмэйдэммит нуормаҕа тэҥнэһэр, сорох сиринэн орто көрдөрүүттэн чараас. «Росгидромет» сулууспа билгэтинэн, быйыл муус хамсааһына арыый эрдэ саҕаланар.
Усть-Кут бөһүөлэгин аннынан муус хамсааһынын бу сигэнэн онлайн киирэн кэтээн көрүөххэ сөп.
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…