Өлүөнэ өрүскэ «хивустар» сырыылара сөргүтүлүннэ

Share

Бүгүн, ыам ыйын 17 күнүгэр, Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан сылдьар «хивустар» сырыылара сөргүтүллүбүтүн туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Суудуналар Дьокуускайтан 204-с микро-оройуоҥҥа баар «Намыв» ыстаансыйаттан айанныыллар.

Оттон Аллараа Бэстээххэ суудуналарга олорсор пуун «Саха сирин тимир суолларын» күүтэр саалатыгар баар.

Тарыып — 3000 солкуобай.

Санатан суруйдахха, ыам ыйын 16 күнүгэр, салгын сыттыктаах суудуналар сырыылара өрүскэ муус хойуутук устарынан сибээстээн тохтуу сылдьыбыта.

Recent Posts

  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

10 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аҕа дойдуну көмүскээччи – эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит!

Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…

11 часов ago