Өлүөнэ өрүскэ уу таһыма үрдээтэ
Өлүөнэ өрүскэ Өлүөхүмэттэн Кангалассы бөһүөлэгэр диэри «хара уу» кэллэ. Бу соҕуруу ардахтар түспүттэриттэн буолла. Суукка иһигэр уу таһыма 50 см үрдээтэ, өссө да үрдүү турар.
Муҥутуур үрдээһин Өлүөхүмэ-Солянка учаастагар буолла — 1,8-2,6 миэтэрэ. Бу иннинэ өрүс уута түһэн турбута, Дьокуускайга 203-с түөлбэ таһынан кумах арыылар тахсан кэлбиттэрэ.
Саха сирин Быыһыыр сулууспата балыктыы, сынньана барарга куттала суох буолуу миэрэлэрин тутуһарга ыҥырар. «Массыынаҕытын уу таһыгар хаалларымаҥ, балаакканы кытылга туруорумаҥ. Арыыга бараргытыгар олус сэрэхтээх буолуҥ. Уу таһыма суукка иһигэр 1 миэтэрэҕэ диэри үрдүөн сөп», — диэн быыһааччылар этэллэр.
Быыһааччы көмөтө наада буолан хааллаҕына, 45-90-19 (Быыһыыр сулууспа оперативнай дьуһуурунайа) эбэтэр, 112 нүөмэргэ эрийиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: