Өлүөнэ күргэтин 2024 сылтан тутан саҕалыахтара
22.12.2023, 12:31
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:
Өлүөнэ күргэтин чугаһынан кэмҥэ тутан саҕалыахтара диэн бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр иһитиннэрдэ.
Эрэгийиэн салайааччыта бэлиэтээн эппитинэн, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан 2028 сылга тутар-мантаастыыр үлэлэр түмүктэниэхтээхтэр.
«Бу сылга күргэ бырайыактааһына түмүктэнэн, федеральнай үбүлээһинтэн бастакы быһаарыныылар ылынылыннылар. Сир учаастактара быһаарылыннылар, инженернэй ситимнэр туруорулуннулар. Сүрүн үлэ барарыгар барыта бэлэм, онон муостаны түтүү бу чугаһынан ыйдарга саҕаланыахтаах. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна РФ Бырабыыталыстыбатын сорудаҕынан Өлүөнэ күргэтэ 2028 сылга тутуллан бүтүөхтээх , — диэн Айсен Николаев эттэ.
+1
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
2
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: