Салгыы
Өлүөнэ күргэтин тимир конструкцияларын 60%-на оҥоһулунна

Өлүөнэ күргэтин тимир конструкцияларын 60%-на оҥоһулунна

Ааптар:
30.01.2025, 19:29
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Өлүөнэ өрүс күргэтигэр пилоннары туруорарга наадалаах ыстаал конструкциялары оҥорон таһаарыы салҕанан барар.

Конструкциялары Тюмень куоракка «СтальМост» собуотугар оҥороллор. «ВИС» хампаанньа бөлөҕүн иһитиннэриитинэн, билигин 2650 туоннаттан тахса тимир конструкциялар оҥоһулуннулар, ити уопсай кээмэйиттэн 60% кэриҥэ. Коффердамнары биэрэккэ таҥан, өрүс анныгар түһэриллиэхтэрэ. Бу тимир каркастар өрүс кытылыгар кураанах сирдэри оҥорууга туһаныллар.

«Коффердамнары муоста киин уонна икки  өттүнэн пилоннары тутарга туһаныахтара. Икки улахан конструкциялар муоста туруктаах буолуутун хааччыйыыга уһуна — 840 миэтэрэ, оттон пилон үрдүгэ — 194-тэн 284 миэтэрэҕэ диэри халбаҥныа», — диэн «ВИС» бөлөххө иһитиннэрдилэр. Үс пилоннарга анаан барыта 4521 туонна конструкцияны оҥорор былааннаахтар. Билигин Тюмень куораттан 1611 туоннаны ыыппыттар, онтон 682 туонна таһаҕаһы Дьокуускайга тутуу былаһааккатыгар сүөккүүллэр. Сиһилии манна аах.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 января
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: