Өлүөнэ өрүс күргэтигэр пилоннары туруорарга наадалаах ыстаал конструкциялары оҥорон таһаарыы салҕанан барар.
Конструкциялары Тюмень куоракка «СтальМост» собуотугар оҥороллор. «ВИС» хампаанньа бөлөҕүн иһитиннэриитинэн, билигин 2650 туоннаттан тахса тимир конструкциялар оҥоһулуннулар, ити уопсай кээмэйиттэн 60% кэриҥэ. Коффердамнары биэрэккэ таҥан, өрүс анныгар түһэриллиэхтэрэ. Бу тимир каркастар өрүс кытылыгар кураанах сирдэри оҥорууга туһаныллар.
«Коффердамнары муоста киин уонна икки өттүнэн пилоннары тутарга туһаныахтара. Икки улахан конструкциялар муоста туруктаах буолуутун хааччыйыыга уһуна — 840 миэтэрэ, оттон пилон үрдүгэ — 194-тэн 284 миэтэрэҕэ диэри халбаҥныа», — диэн «ВИС» бөлөххө иһитиннэрдилэр. Үс пилоннарга анаан барыта 4521 туонна конструкцияны оҥорор былааннаахтар. Билигин Тюмень куораттан 1611 туоннаны ыыппыттар, онтон 682 туонна таһаҕаһы Дьокуускайга тутуу былаһааккатыгар сүөккүүллэр. Сиһилии манна аах.
Бүгүн, тохсунньу 31 күнүгэр, «Тэтим» араадьыйа быһа эпииригэр СӨ экэниэмикэтин миниистирэ Петр Попов кыттыыны ылыаҕа. …
Улуу Кыайыы 80 сылынан Амматааҕы О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан айар сайдыы киинин үлэтэ далааһыннанар. Ол курдук, Ольга…
“Сахамедиа” холдинг массыыната Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтигэр бэрт сыыдамнык айаннаан тиийэн, салгыы Араҥас учаастак…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 30 күнүгэр РФ тырааныспарын миниистирин Роман Старовойту кытары көрүстэ.…
Бу күннэргэ күммүт-дьылбыт хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ хоту өттүгэр кыралаан хаардыыр. Өрөспүүбүлүкэ…
Хой Өрөгөй нэдиэлэтэ үүммүт. Үлэҕэр саҥа кыах аһыллыа. Салайааччыҥ болҕомтотун ылыаҥ. Нэдиэлэ устата харчы оҥорорго…