Өлүөнэ күргэтин тутуу: арматурнай каркастары оҥорор собуот Дьокуускайга кэллэ
«ВИС Группа» Өлүөнэ күргэтин тутууга туттуллар тирэх арматурнай каркастарын оҥорор собуоту Дьокуускайга аҕалла.
Бу күннэргэ Өлүөнэ өрүс икки кытылыгар технологическай учаастактары оҥорууга, бэлэмнээһиҥҥэ, анал оборудованиелары тустаах тэрилинэн хааччыйыыга улахан үлэ барар.
Сыбаайалары туруоруууга аналлаах арматура каркастарын оҥорорго Дьокуускайга анал станок көһөрүллүбүтэ. Маны тэҥэ, бетоннай собуоту туруорууга бэлэмнэнии эмиэ саҕаланна. Собуот сайыҥҥы вариана оҥорон таһаарыы базатыгар толору тиийдэ, аны кыһыҥҥы пакет тиэрдиллиэхтээх. 76 миэтэрэ үрдүктээх, 135 туоннаны көтөҕөр кыахтаах гусеничнай кран, ону тэҥэ сыбаайалары туруорар гидравлическай вибрационнай драйвер хомулунна. Тутуу сирин уотунан хааччыйар туһугар, толору трансформаторнай подстанциялар (ТПС) аҕалыллыбыттара.
Тутуу технологическай былаһааккаларын, матырыйаал ыскылааттарын уонна анал тиэхиньикэ базаларын тутар технологическай учаастактары оҥоруу салҕанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 40 биригээдэ анал тиэхиньикэ үлэҕэ хабылынна.
Өлүөнэ күргэтин тутуу бырайыага федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн уонна чааһынай инвестициялартан кыттыгас үбүлээһиннээх судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһининэн олоххо киирэр. Үлэни ыытааччы — «ВИС Группа».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: