Салгыы
Өлүөнэ күргэтин тутуу быһаарылынна

Өлүөнэ күргэтин тутуу быһаарылынна

18.01.2024, 22:38
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, тохсунньу 17 күнүгэр, Владимир Путин РФ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин кытта видео-кэмпириэнсийэ ыытта. Мунньахха Арассыыйа экэниэмикэтин сайдыытын 2023 с. түмүгүн туһунан экэнэмиичэскэй сайдыы миниистирэ Максим Решетников отчуоттаата.

Владимир Путин экэниэмикэни сайыннарар бары салааларга үлэ түмүгүн иһиттэ. Бу мунньахха дойду бэрэсидьиэнэ Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэни тутуу хайдах баран эрэрин, бырайыак түһүмэҕин туһунан билиһиннэрбит вице-премьер Марат Хуснуллинтан чопчуласта.

«Дьокуускайга тутуллуохтаах муостаны тутуyну быһаардыбыт, бу кэлэр биэс сылга үбүлээһини уктубут, муоста сыанатын оптимизациялаатыбыт, ону эрэгийиэн, Үп министиэристибэтэ уонна судаарыстыба уонна чааһынай хампаанньалар кыттыһан туталларын курдук араарарга дуогабардастыбыт», – диэн Марат Хуснуллин эттэ.

Марат Хуснуллин дойду баһылыгар, биһиги 220 млрд саҕалаабыппыт, оттон билигин бигэргэтиллибит сыанабыт биэс сылга 130 млрд курдук буолла, ол эбэтэр биһиэхэ ити боппуруос, Владимир Владимирович, быһаарылынна – бырайыактааһын бара турар, ону тутуохха эрэ наада диэн бэлиэтээн эттэ.
Билиҥҥитэ Өлүөнэ өрүс хаҥас өттүгэр сүрүн үлэ түһүмэҕэ саҕаланарыгар былаһаакка бэлэмнэниллибит – уот, сибээс уонна гаас ситимнэрэр уларытыллан оҥоһуллан бэлэм буолбуттар. Оттон өрүс кытылын уҥа өттүгэр үлэ салҕанар.

Өлүөнэ өрүс күргэтэ экэниэмикэ түргэн тэтимнээхтик үүнүүтүн уонна тырааныспар сибээһин үрдэтэр национальнай соругун ситиһиитин хааччыйар сүрүн бырайыак быһыытынан дойду суолга үлэтин биэс сыллааҕы былааныгар уонна Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын национальнай бырагырааматыгар киирбитэ.

Өлүөнэ күргэтэ тутулуннаҕына Саха сиригэр тырааныспар сырыыта 20-тэн 87% диэри эбиллиэҕэ. Хотугу таһыыга сыллааҕы бүддьүөтү кэмчилээһин 7 млрд. солк. кырата суох буолуоҕа.

Эспэрдэр санаалара

Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов санаатын үллэстэр: «Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Өлүөнэ күргэтэ тутуллан олоххо киириитин болдьоҕун ыйан туран, Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын былааныгар киллэриэххэ диэн этиитин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары үөрэ иһитттибит. Биллэн турар, күһүн уонна саас аайы күн-дьыл хаамыытыттан, айан сырыыта тохтуура биһиги улууспут, өрөспүүбүлүкэбит эрэ кыһалҕата буолбакка, федеральнай таһымнаах кыһалҕаҕа кубулуйара саарбаҕа суох. Биһиги өҥүрүк куйаастаах, тыйыс тымныылаах Сахабыт сиригэр айан суола тыын боппуруос буолар. Бу кыһалҕабыт быһаарыллыыта – Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ тутуллуутун боппуруоһа оннуттан хамсаабытыттан, биһиги, Саха сирин олохтоохторо, муҥура суох үөрэбит!».

Кини күргэ тутуллуута тыа сирэ уонна тыа хаһаайыстыбата, оҥорон таһаарыы сайдарыгар, улуустарга ыччат олохсуйарыгар быһаарыылаах буолуоҕа диэн санаатын эттэ.

Оттон суруналыыс, «Саха сирэ» хаһыат бэтэрээнэ, суруналыыстыка эйгэтигэр СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Крылов ис санаатын маннык эттэ:

«Бэҕэһээ дойду үрдүкү салалтата федеральнай таһымҥа Өлүөнэ күргэтин туһунан дьүүллэһэллэригэр, билигин бигэргэтиллибит сыанабыт биэс сылга 130 млрд буолла диэн эппиттэрин сэргии иһиттим. Онон, бастатан туран, күргэбит тутулларыгар эрэх-турах санаа үөскүүр. Эрдэ сорохтор өрөспүүбүлүкэ эрэ үбэ барыаҕа диэн этэллэрэ, ол эрээри манна иһиттэххэ, дойду бүддьүөтүттэн үлүгэрдээх үп көрүллэн эрэрин үөрэ иһитттим. Иккиһинэн, урут дьон өрүһү туоруур күргэ хаһан эмит тутуллан, өрүс уҥуор олохтоохторун абырыа дуо диэн ыра оҥостоллоро. Оттон, дьиҥэ, бу өрүс эрэ уҥуоргулары абырыыр күргэ буолбакка, бөдөҥ стартегическай суолталаах, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ сайдарыгар тирэх буолар эбийиэк диэн сыаналыыбын. Инникитин Саха сирин бары муннуктарыгар сылы эргиччи таһаҕаһы таһыыга, бырамыысыланнаһы сырдата сылдьыбыт киһи быһыытынан эттэхпинэ, күргэ Өлүөнэ эбэни туораатаҕына, өрөспүүбүлүкэҕэ урут баһылана илик сирдэргэ сир баайа хостонон, туһаныллыа этэ. Үсүһүнэн, Саха сирин олохтоохторо урут илин эҥэр, бүлүү бөлөх, хоту сир, Арктика олохтоохторо диэн арахсар буоллахтарына, аны бу барыбытын араарбакка, сомоҕолуур, биир өйдөөх-санаалаах буоларга түмэр күргэ буолуохтаах», — диэтэ Николай Крылов.

Үйэтин аҥарын бырамыысыланнаһы сырдатыыга анаабыт кырдьаҕас суруналыыс бу Улуу Өлүөнэ эбэни тырааныспар логистиката схемата үһүс төгүлүн туоруур: бастакытынан – уот ситимэ тардыллыбыта, иккиһинэн – гаас ситимин утаҕа ууруллубута, үсүһүнэн – аар-саарга аатырыахтаах күргэ тутуллара буолар диэн быһааран кэпсээтэ.

«Улуу учуонай Михаил Ломоносов өссө 1763 с. «Российское могущество прирастать будет Сибирью и Северным океаном» диэн, сиринэн эрэ буолбакка, хотугу муора суолун баһылыырга эппит тыллара билигин олус суолталаахтар. Бу өрүһү туоруур күргэ эрэ буолбакка, илин, арҕаа, хоту, соҕуруу диэн арахсыбакка, биир өйүнэн-санаанан салайтаран, биир сомоҕо буолан, дойдубут, норуоппут, кэмниэ-кэнэҕэс, кэлэр кэскилбитин түстүүр сүдү тутуу буолуохтаах», — диэн суруналыыс Николай Крылов этиитин түмүктээтэ.

#ВладимирПутин

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: