Өлүөнэ күргэтин тутуута кыһыҥҥы кэмҥэ эмиэ салҕаныа

Share

Өлүөнэ эбэни туоруур күргэни тутуута кыһын устата эмиэ салҕаныа.

Дойду Бэрэсидьиэнэ бырайыагы үбүлээһиҥҥэ федеральнай бүддьүөттэн үбү-харчыны биэрии болдьоҕун кылгатарга сорудахтаата. Бу туһунан «Саха» ВГТРК  «Прямой разговор» биэрии кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

«Бу күннэргэ бырайыагы үбүлээһини түргэтэтэр туһунан Бэрэсидьиэн сорудаҕын ылбыппыт. Федеральнай үбүлээһин харчыта быйыл киириэ диэн эрэнэбит. Билиҥҥитэ тутуу биһиги партнердарбыт — «ВИС» уонна Сбербаан хампаанньалар бөлөхтөрүн суотугар ыытыллар. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн аҕыйах суума харчы көрүллүбүтэ», — диэн Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнэ ирдэбилинэн Өлүөнэ күргэтин бырайыага бары докумуоннарга ыйыллыбытын бэлиэтээтэ.  Билигин өрүс икки кытылынан күргэни тутуу үлэтэ бара турар. Ил Дархан этэринэн, тутуу үлэтэ кыһыҥҥы кэмҥэ эмиэ салҕаныа.

«Кэлэр сылга үлэ былаан быһыытынан ыытыллыахтаах. Технолгическай хаамыытын сиһилии кэпсээбэппин эрээри, үлэтэ сүҥкэн. Ардыгар күргэ тутуута сыл иһигэр түмүктэнэр диэн санаалары ааҕабын. Өссө төгүл бэлиэтиибин, бу аан дойдуга тэҥнээҕэ суох ураты бырайыак», — диэтэ Айсен Николаев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Бу туһунан УГМС…

8 минут ago
  • Сонуннар

Оптуобустар эбиллиэхтэрин оннугар маршруттара уустугурда

Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах.  Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр

Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма бурдуга» бородууксуйа бастыҥынан ааттанна

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй “Надеждалара”

Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…

13 часов ago