Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ бырайыага Арассыыйа бэрэсидьиэнин Владимир Путин өйөбүлүн ылан, концессия услуобуйатыгар тутуллан эрэр.
Сүрүн судаарыстыбаннай эспэртиисэ управлениета үһүс түһүмэххэ сөптөөх түмүгү оҥордо. Суол тутуутун учаастагын уопсай уһуна 4049,25 м буолуоҕа. Икки балаһалаах суол нормативнай ирдэбиллэргэ эппиэттиэҕэ.
“Үһүс түһүмэх сүрүн соругунан, Өлүөнэни туоруур муоста сүрүн, иккис түһүмэҕин олохтоох суол ситимин кытта ситимниир сыалтан, бүтэһиктээх тутуу эргиирин оҥоруу буолар. Маны таһынан, муостаҕа чугаһыыр Леснай, Молодёжнай уулуссаларга уонна уулусса ситимин атын учаастактарыгар уопсай уһуннаах 788,22 м киирэр суоллары оҥоруохтара”, — диэн Арассыыйа кылаабынай судаарыстыбаннай эспэртиисэтин эспиэрэ Максим Котов бэлиэтээтэ.
Үһүс түһүмэххэ Хатыҥнаах үрэҕи туоруур муоста тутуута уонна тыаһы-ууһу харыстыыр экраннары туруоруу киирэр. Бу Эргэ Табаҕа нэһилиэгин олохтоохторун санитарнай-эпидемиологическай чөл туруктаах буолууларыгар ураты суолталааҕын эспиэр бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ олохтоох ыраастыыр эбийиэктэри, уу ылар систиэмэни уонна атын инженернэй-техническэй өйөбүл эбийиэктэрин туруорууга үлэ былааннанар.
Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста Эргэ Табаҕаттан Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар тиийэ тутуллар. Муоста үс федеральнай уонна биэс эрэгийиэннээҕи айан суолларын холбуоҕа.
Киһи үксэ түүн тугу түһээбитин уһуктаат быһаара, тойоннуу, билэ көрө сатыыр. Оттон сорохтор түүлү мээнэ…
Олунньу 1-2 күннэригэр «Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар «Хаҥалас хапсаҕайа» хапсаҕай тустуутугар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии ыытыллыаҕа.…
Өбүгэлэриҥ эмиэ тыыннаах киһи курдук үөрэллэр уонна хоргуталлар. Өскөтүн эн ийэҕэр, аҕаҕар, бииргэ төрөөбүттэргэр, аймахтаргар…
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ пресс-тур тэрийэн, бэҕэһээ, 20 суруналыыһы уонна блогеры илдьэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар…
Кыһыҥҥы кэмҥэ киһи доруобай, чөл туруктаах буоларыгар, таһыттан киирэр араас дьайыыга эт-хаан утарсыытын күүһүрдэригэр быраастар…
“Биһиги икки кынаттаахпыт, Европа уонна Азия”, – диэн биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев эппитэ билигин…