Өлүөнэ муостата тутуу кыһыннары бара турар
Кырдьаҕас Табаҕа таһынан Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута кыһыҥҥы кэми аахсыбакка бара турар.
Тутуу былаһааккатыгар тиийбит пресс-тур кыттыылаахтарыгар “ВИС” бөлөх тутууга дириэктэрэ Антон Крупнов билигин туох үлэ бара турарын билиһиннэрдэ. Көрдөххө, туох да олус уустук технологиялаах үлэ бара турар эбит. Күҥҥэ биирдии сыбаайаны туруораллар, билигин 17-с сыбаайаларыгар сылдьаллар. Саҥа дьылга диэри 50 сыбаайаны туруоруохтаахтар. Тирэхтэри туруорарга 24 м. уһуннаах скважиналар оҥоһуллаллар, кыһын уу намтыыр кэмигэр түбэһиннэрэн бу үлэни ыыталлар.
Бырайыак быһыытынан 26 тирэх туруохтаах: үс өрүс сүнньүгэр, атыттар икки кытылга тахсар сирдэргэ. Билигин алтыс тирэххэ үлэлии сылдьаллар, манна 32 сыбаайаны түһэриэхтээхтэр. Антах уҥа кытылга 21-дии сыбаайалаах элбэх тирэх туруохтаах.
“ВИС” бөлөх корпоративнай коммуникацияларга департаменын салайааччыта Сергей Козловскай, бу ханна да суох, оҥоһулла илик бырайыак буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ:
“Тутуу ыытыллар кэмэ наһаа кылгас, онон ураты быһаарыныыны ылынныбыт. Өрүс кытылыгар коффердамнары таҥан баран өрүс ортотугар түһэртиэхпит, боростуойдук быһаардахха “буочукалары”. Ол иһигэр сылдьан, дьөлө үүттүүр, сыбаайалары туруорар үлэлэри оҥоруохпут. Муоста вантовай, үс пилоннаах, элбэҕи оҥорор кыаллыбат, саас муус барыытын кэмигэр харыы үөскүө. Бырайыагын оҥорор кэмэ уһун этэ, ол оннугар нормативнай документация эрэгийиэн туох баар уратытыгар сөп түбэһэр.
Манна Крым, Владивосток, Амур муосталарын туппут уопуттаах дьон кэлэн үлэлиэхтэрэ. Муҥутаан элбиир кэмнэригэр 2-2,5 тыһыынча буолуохтара”.
Хаҥас кытылга үлэһиттэр олорор бөһүөлэктэрэ тутуллуо. Технологическай былаһааккаҕа сыбаайалары оҥорор арматурнай-каркаснай дьиэ, производственнай сыах оҥоһулла тураллар, бетон собуота таҥыллыбыт. Былаһаакка билиҥҥи туругунан 90 бырыһыан тутуута бүтэн турар. Манна бетон собуота үлэлии турар. Бу Златоуст куоракка анаан-минээн арктическай усулуобуйаҕа үлэлииргэ ананан оҥоһуллубут собуот буолар. Буочукатыгар тиийэ барыта анал бүрүөһүннээх буолан, бетон булкааһыга тоҥмот, сөптөөх температуратын тута сылдьар. Биир чаас иһигэр 60 кубометр бетону оҥорон таһаарар. Биир сыбаайаҕа 20 кубометр бетон барарын ааҕан таһаардахха, улахан кыамталаах эбийиэк кэлбит. Биир маннык собуот уҥа кытылга турар. Билигин технологическай былаһааккаларга 93 киһи, 60 тиэхиньикэ улахан тымныылар түһүөхтэрин иннинэ икки симиэнэнэн үлэлии сылдьаллар.
“Муоста олус улахан ураты тутуу буолан, киниэхэ анаан бүтүн инфраструктура оҥоһулла турар, — диир Сергей Козловскай. — Ол эбэтэр Саха сиригэр сабыс саҥа индустрия киирэн эрэр. Холобур, коффердам технологията, анал бетон собуоттара — итинник бөдөҥ производственнай базалаах эрэ буоллаҕына муоста тутуллуо. Арматурнай сыаҕы уҥа кытылга көһөрдүбүт. Миэстэтигэр оҥоһуллуох курдугу барытын манна оҥоруохпут. Соҕурууттан металлическай конструкциятын эрэ таһыахпыт, ол кэннэ коффердамҥа тиийэ барытын манна таҥыахпыт”.
Биллэн турар, сүрүн үлэ сайын буолар. Дьэ онно тохтоло суох үлэ барарын туһугар туох барыта бэлэм буолуохтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: