Өлүөнэ муостатыгар анаммыт сыбаайалары бетон собуоттара оҥоруохтара
24.09.2024, 21:27
Хаартыска: быһа эпииртэн -- скрин.
Бөлөххө киир:
Бүгүн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев быһа эпииргэ Саха сирин олохтоохторун долгутар Өлүөнэ муостатыгар сыһыаннаах боппуруоһу таарыйда.
Ол курдук, 28 миэтэрэ дириҥҥэ балтараа миэтэрэ диаметрдаах сыбаайалартан үс улахан тирэх оҥоһуллуохтаах эбит. Хата, ону оҥорууга бетон собуоттара ылсыбыттар.
Айсен Сергеевич этэринэн, Өлүөнэ эбэ сүнньүгэр үс тирэх туруоруллуо. Киин тирэҕэ 280 сыбаайаттан туруохтаах.
Биллэрин курдук, Өлүөнэ муостата Арассыыйа саамай уустук инфраструктурнай бырайыага буолар. Тоҕо диэтэххэ, ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар тутулларынан улахан уратылаах. Тырааныспар саҥа инфраструктуратын уопсай уһуна хаҥас уонна уҥа кытылларга 14 км тахса буолуохтаах. Бу сылы эргиччи сырыыны олохтоон, улахан туһаны аҕалыахтаах.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: