Өлүөнэ муостатыгар былааннаммыт 50 сыбаайа турда

Share

Табаҕа бөһүөлэгин таһынан Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тирэҕин анныгар 50 сыбаайаны дьөлө үүттээн туруордулар.

Хаартыска: sakha.gov.ru
Хаартыска: sakha.gov.ru

ВИС бөлөх сыл бүтүөр диэри былааннаабыт үлэтин толордо диэн Өлүөнэ муостатын дирекциятыгар иһитиннэрдилэр.

“Тыйыс усулуобуйаҕа хас биирдиитэ 1,5 м эргимтэлээх 10 м уһуннаах 50 сыбаайаны туруордубут. Өлүөнэ муостатын 26 тирэҕин анныгар барыта 920 сыбаайа туруохтаах”, — диэбиттэр Дирекция иһитиннэриитигэр.

Бүгүн өрүс икки кытылынан технологическай былаһааккаларга производственнай сыахтары уонна оробуочайдар олорор бөһүөлэктэрин оҥорууга үлэ салҕанар. Бырайыак «Росдорния» федеральнай тэрилтэ кытаанах хонтуруолугар сылдьар.

Аныгыскы тутар сезоҥҥа бэлэмнэнии үлэ салҕанар, ол саҕана үлэ өрүс үөһүгэр барыаҕа. Онно саамай далааһыннаах үлэ – муоста үс пилонун оҥорууга коффердамнары туруоруу барыаҕа. Тюменнааҕы Стальмост собуот 4500 туонна тимир конструкциятыттан 1163-тын оҥорбут, диэн Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

12 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

13 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

15 часов ago