Дьокуускайга Покровскайдыыр тыраагы кэҥэтэр үлэ салҕанар. 2025 сылга Өлүөнэ муостатыгар киирэр суоллары оҥоруу саҕаланыаҕа. Бу туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһаайыы суругар иһитиннэрбитэ.
«2020 сыллааҕы Туһаайыы сурукпар Дьокуускай хоту өттүгэр Сатал уонна Марха түөлбэлэрин уонна соҕуруу өттүгэр Хатас уонна Табаҕа сэлиэнньэлэрин аттыларыгар баар кыараҕас суоллары суох оҥорору сорудахтаабытым. Билигин Нам уонна Умнас трассаларыгар түөрт балаһанан айанныыллар, ортотунан араарар балаһалаахтар, сырдатар уоттаахтар. “Покровскайдыыр тыраагы Эргэ Табаҕаҕа диэри кэҥэтэр үлэ уонна Өлүөнэ муостатыгар киирэр суолу оҥоруу хайаан да салҕаныахтаахтар”, — диэтэ Айсен Николаев.
Оччотугар маннык эбийиэктэр таарыллаллар: Чернышевскай уулуссатын саҥаттан уларытан оҥорууга Краснояров уулуссатыттан Покровскайдыыр тыраакка, Михаил Николаев проспегын – Чернышевскай – Красильников быһа охсуһар сирдэригэр диэри.
Чернышевскайтан ГИБДД поһугар диэри Покровскайдыыр тыраагы уларытан оҥоруу диэҥҥэ бу уулуссалары барыларын түөрт балаһалаах гына кэҥэтии киирэр.
«Умнас» эрэгийиэннээҕи суолу Владимировка сэлиэнньэтиттэн Табаҕа өҕүллүүтүгэр диэри түөрт балаһалаах гына саҥаттан уларытан оҥоруу салҕанар.
Өлүөнэ муостата үс федеральнай уонна биэс эрэгийиэннээҕи суоллары ситимнээн, “Бүлүү”, “Лена” уонна “Халыма” федеральнай суолларынан таһаҕаһы таһыыны уонна пассажирдары тиэйиини күүһүрдэр сүрүн инфраструктурнай бырайыагынан буолуоҕа. Новосибирскайтан, Красноярскайтан уонна Сибиир атын куораттарыттан таһаҕас таһар тырааныспар суолун тыһыынчанан килэмиэтиринэн кылгатыаҕа. Төгүрүк сылы эргиччи үлэлиир тырааныспар ситимэ киирдэҕинэ, өрөспүүбүлүкэҕэ таһаҕаһы тиэрдии болдьоҕо кыччыаҕа итиэннэ тиэйии ороскуота чэпчиэҕэ.
Муоста сууккаҕа 5300 массыынаны аһардар кыахтаах икки балаһалаах буолуоҕа. Бу сүҥкэн инженернэй тутуу Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан адьас кылгас кэм иһигэр – 2028 сыл бүтүөр диэри тутуллуохтаах.
“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи уорганын сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…
“Амма Кэскилэ” улуустааҕы оҕо холбоһугун тэрилтэтин нөҥүө О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин педагогтара 2024…
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бэрэссэдээтэллээх бырайыактыыр офис мунньаҕар инвестиционнай килиимэт туругун үөскэтиигэ саҥа…
Аҕа дойду көмүскэлигэр, байыаннай дьайыыга хорсун боотурдуу охтубут СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ физическэй култууратын уонна…
Сунтаар ааттаах тустууктарынан биллэр. Бу успуорт кɵрүҥэр ыччаты күүскэ дьарыктыыллар. Кэнники кэмҥэ оҕо успуордун ɵрɵ…
Саха драматическай тыйаатырын артыыстара Өлүөхүмэ улууһун Ааннааҕын диэки кэлбэтэхтэрэ үйэ аҥаара буолан эрэр. Урут суол …